Нам эдэр мадьынылара — Хатас помуоһугар

Хатас нэһилиэгэр кулун тутар 15-16 күннэригэр мас-рестлиҥҥэ оҕолорго Саха сиригэр бастыыр иһин күрэхтэһии саҕаланна. Өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр оҕолор ситиспит очукуолара бэйэлэрин улуустарыгар суолталаах буолуоҕа.

Ол курдук, күрэхтэһии түмүгэ уопсай ахсааҥҥа эбиллэн улахан дьон мас-рестлинг Кубогар киириэхтээҕин улуустааҕы спорт управлениетын салайааччытын солбуйааччы Сергей Софронов чопчулуур.

Хатас сиригэр-уотугар Нам сүүмэрдэммит хамаандатын улуустааҕы мас-рестлинг Федерациятын толорооччу дириэктэрэ Лев Новгородов арыаллаан барбыт. Лев Николаевиһы кытта тренердэр бааллар – 2 Хомустаахтан физкультура учуутала Петр Уваровскай, 1 Хомустаахтан тренер Станислав Соловьев уонна Искра нэһилиэгин физкультурнига Виталий Семенов.

Билэрбит курдук, Хатаска биир дойдулаахпыт Николай Слепцов агрооскуолаҕа дириэктэринэн чаҕылхайдык үлэлиир. Слепцов Николай Владимирович Нам улууһун мадьыныларын сылаастык көрсүбүтэ бэлиэтэнэр.

СӨ физическэй култууратын уонна спордун туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ кикбоксинг федерациятын дириэктэрэ Николай Слепцов Нам улууһугар баһылык солбуйааччытынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

“Нам улууһуттан мас-рестлинг түһүлгэтигэр 11 (6 кыыс, 5 уол) күрэхтэһээччи айаннаата. Ханна да буолларбыт намнар ыраата сылдьан бэйэбит дьоммутун көрүстэхпитинэ, үөрэ-көтө куруук күүс-көмө буолабыт.

Агрооскуола дириэктэрэ Николай Владимирович мадьыныларбытыгар улахан болҕомтотун ууран, сөптөөх усулуобуйа тэрийэн бары өттүнэн көмө буоларыгар биһиги муҥура суох махтанабыт!» – диир улууска мас-рестлинг хаамыытын сүрүннүүр Сергей Анатольевич.

Харысхан Попов

Читайте дальше