Нам эдэр суруйааччылара өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньахха кыттыахтара

Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарыгар сүүмэрдээһини ааһан, Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүүттэн Оксана Васильева, Татьяна Михайлова-Кыталыына, Геннадий Игнатьев-Айыы Оҕото муус устар 3-5 күннэригэр Дьокуускайга XXlV Өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарыгар кыттыыны ылыахтара.

Татьяна Васильевна Михайлова-Кыталыына

1982 с. муус устар 9 күнүгэр Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1999 с. Нам улуустааҕы гимназиятын ситиһиилээхтик бүтэрэн, СГУ филологическай факультетын бүтэрэн баран, аҕыйах сыл учууталлаабыта. 2005 с. улуустааҕы культура управлениетыгар киирэн үлэтин саҕалаабыта. 2008 сылтан Нам улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситимигэр күн бүгүнүгэр диэри сүрүннүүр библиотекарынан үлэлии сылдьар. Кэргэннээх, икки уол, икки кыыс оҕолоох. Бастакы суруйуутун устудьуоннуур сылларыгар «Тобул» устудьуоннар түмсүүлэриттэн саҕалаабыта. 2021 с. «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ.

Бэйэм кэпсээним

Любаша кыыс быйыл тохсус кылаас үөрэнээччитэ, иннитигэр эксээмэннэр, аттестат ылыыта, кэлии-барыы, походтар, оскуола бырааһынньыктара, элбэх тэрээһиннэрэ. Оскуолаларыгар элбэх оҕо үөрэнэр буолан биир сменаҕа баппаттарын иһин сорох кылаастары эбиэттэн киэһээ иккис сменанан үөрэтэр буоллулар. Ол эрээри эксээмэннэр дии-дии учууталлар барахсаттар сарсыардатын син биир оҕолору ыҥыраннар эбии бэлэмнииллэр. Инньэ гынан Любашалаах кылаастара хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри дьиэлэригэр көстүбэттэр. Ардыгар оскуола араас тэрээһиннэрэ буоллахтарына олох да хонуктарыгар эрэ тиийэллэр. Арай бугун учууталлара ханна эрэ семинарга барбыт буолан бүтэһик икки урок баҕар буолуо, баҕар ким да солбуйар учуутал көстүбэтэҕинэ буолуо суоҕа диэн буолла. Оҕолор бары уку-сакы биир кылааска мустан олордохторуна старосталара Лида киирэн, бэт үөрбүт харахтардаах эттэ:

– Оҕолоор, дьиэлээн, урока не будет, Молекула кэлбэтэх – диэн физика урога буолбатын өссө төгүл тоһоҕолоото.

Кылаас иһэ оргуйа түстэ, онуоха ааһан иһэр Николай Васильевич өҥөйөн баран:

-Туох айдаана буоллай, барар буоллаххытына сыбдыйан тахсыҥ оскуолаттан, дьиэлээҥ бары! -диэтин кытта уолаттар парталары нөҥүөлээн вешалканы былдьасыһан өрө ытыллан сүүрэн таҕыстылар, кэннилэриттэн кыргыттар чаҕаарсан, ол быыһыгар ким эрэ истиэ дэспиттии сибигинэспитэ буола-буола отур-ботур кэпсэтиһэн таҥнан оскуолаттан тахсан бардылар. Оҕолор үксүлэрэ дэриэбинэ биир өттүгэр олорор буоланнар, элбэх буолан суксуруһан, аргыстаһан бара турдулар. Любаша кыыс бүгүн дьүөгэтэ доклад ааҕа куораттаабыт буолан аргыстаһар киһитэ суох буолан чуҥкук баҕайытык дьиэтин диэки хаамта. Хаар хоочугуруур тыаһын истэ- истэ аргыыйдык бытаан баҕайытык аа-дьуо дьиэтин диэки чугаһаата. Туох эрэ санааҕа ылларбыт курдук, оҕо-оҕо курдук буолбакка, ыксаан тиэтэйэн дьиэтигэр сүүрэбэккэ аата, төттөрүтүн олох дьиэлиэн баҕарбат курдук өссө бытааран биэрдэ. Арай көрдөҕүнэ дьиэтин аана нэлэччи аһаҕас турар, Любаша хаамарын түргэтэтэн, үрдүк баҕайы кэтит тэрээсэ кирилиэһин дабайан дьиэтин боруогун атыллаатын кытары аһыы арыгы сыта муннутугар саба биэрдэ. Оҕо барахсан сэрэйбитэ туолбутуттан сүрэҕэ хомойдоҕуон, атын оҕолор билигин дьиэлэрэ минньигэс ас сытынан дыргыйан турар эбит буоллаҕына, Любаша дьиэтэ итирик аҕата иһээччи табаарыстарын сарсыардаттан мунньан, табах буруотунан дьиэни тунуйан ыыс-быдаан оҥорон , аһыы сыттаах, бардьыгынас кэпсэтиинэн туолан туран көрүстэ. Ыал аҕата аһаабыта хаһыс да күнэ буолла, ол иһин Любаша, улаатан эрэр кыыс аҕатын абааһы көрөрө күн аайы бэргээн иһэр, дьиэ ырааһын, сылааһын бары да умна быһыытыйан дьиэлэригэр кэлиэн баҕарбат буолбуттара быданнаата. Любаша кыһыытыттан уонна бэйэтин олус аһынан ытаан ыгылыйда, хаһыытары гыммыта куолайыгар хомуох буолан иҥнэн кыайан тахсыбакка салгынын хаайда, хараҕын уута тохтоло суох иэдэстэринэн үрүйэлии алларааа сүүрдүлэр. Тыаһа суох киирэн хоһугар киирэн саһан хаалыам диэн үөмүөх буолан истэҕинэ, аҕата куукунаттан тахсан кэллэ уонна өстөөҕүн көрбүт киһи курдук уоттаах хараҕа хаанынан туолбутунан кыыһын диэки тэмтээкэйдээн хааман кэлэн, тутан ылан сиэх-аһыах курдук:

-Хайа, хатыай, ийэҥ ханна баарый?– диэн бардьыгынаата. Любаша аҕата сарылаабытыттан куттанан салыбыраан хаалла, хараҕын уутун сотто-сотто, ийэтэ тоҕо дьиэтигэр кэлбэтэҕин сэрэйэн, нэһиилэ саҥа ыган таһааран

-Мунньахха– диэн албыннаата. Атыннык эттэҕинэ табыллыбатын, аҕата оччотугар ийэтин олох да сиэтэҕинэ да топпот үлүгэрин, итирбит дуу, иирбит дуу кэриэтэ сылдьар киһиттэн тугу баҕарар күүтэҕин, диэн санаан түргэн үлүгэрдик албыны толкуйдаата. Били тэҥҥэ асаһа олорор дьоно:

-Дыа, Миисэ, кыыскын куттаама, доо, кэл, олор, иһиэххэ – диэн ыҥыраннар, хата Любаша тыын ылан хоһугар сылыпыс гынан киирэн хатанан кэбистэ. Аҕата тоҥсуйан

-Хатыай, эн мин табаарыстарбын кытары дорооболоспотуҥ, тоҕо дорооболоспотуҥ– дии-дии аны дибдийэн истэҕинэ

-Доо, Миисэ, тыытыма оҕоҕун, кэл-кэл,чэ, Миисэ – диэн ыҥыран салгыы иһэр саҥалара иһилиннэ. Любаша хоһугар киирэн кыһыытыттан сыттыгын ытыы-ытыы, иһигэр эрэ иһиллэрдик бүтэйдии хаһыытаан, аҕатыгар кыыһырбытын таһааран, кырбаата, онтон умса түһэн сытан эрэ утуйан хаалла. Арай туох эрэ айдаантан уһуктан кэлбитэ…

Биир кэм эр дьоннор маатыралара, илгиэлэһэр тыастара, иһит алдьанар тыаһа ньиргийэн олорор. Любаша кыыс оронуттан ойон туран ыскаап иһигэр саһан хаалаары гынан баран тохтоон иһиллээтэ, арай иһиттэҕинэ аҕата сарылыыр:

-Өлөрүөм мин эйиигин, өссө мин дьиэбэр, мин остуолбуттан, мин аспын аһыы-аһыыгын миигин утары саҥарыахтааххын да! – дии-дии биир кэм кими эрэ саайталыыр. Любаша барахсан аргыыйдык аанын арыйан өҥөйөн көрбутэ, били эрдэ, оскуолаттан кэлбитигэр аҕата кинини мөхпүтүн буойбут киһитэ Өстүөпэни аҕата дьиикэй муомахтыы сатаан киһитин үрдүгэр олорор эбит. Кыыс ону көрөн туруо да, алдьархай буолар буолла дии санаан хоһун аанын тэлэччи аһан сүүрэн тахсан аҕатын үрдүгэр түстэ:

-Паапа, бүт эрэ баһаалыста, өстүөпэ эн доҕоруҥ дии, киһини куттааман эрээ, бүтүҥ, уоскуй паапа, мин эйиигин таптыыбын дии, Любаша аҕатын күүрэн хаалбыт, абааһыга кубулуйбут курдук сирэйин бэйэтин диэки хайыһыннара сатаата уонна уйа – хайа суох ытыыр – орулуур икки ардынан көрдөстө. Аҕата киһи эрэ буоллар, итиригин быыһыгар төрөппүт оҕото инник буолбутугар кыл түгэҥҥэ өйдөнөнөн ылан кыыһын эргийэ түһээт кууһан ылла

— Һыччы, хайдах буоллуҥ, аҕаҕыттан куттанныҥ дуо?, куттаныма, дьээдьэлэр буоллахпыт дии, хайаан өлөрүөхпүнүй, дьээдьэ Степалыын кыратык охсуһан ыллыбыт ити,- дии-дии хараҕын уутугар чачайа олорор кыыһын уоскуппута буолла. Ол олордохторуна Өстүөпэ нэһиилэ тыын ылан дэлби сөтөллөн нэһиилэ турда уонна кэлэйбит баҕайытык атаһын диэки көрөн баран -Дьэ, Миисэ, инник эрэ буолуо дии санаабатаҕым эйиигин, киһини кыыһыҥ тахсыбатаҕа буоллар ыт оҥоруоҥ хаалла, аны мин бу дьиэ боруогун хаһан да атыллыам суоҕа, эн да миигиттэн көрдөһөр кэмиҥ кэлэр ини! – диэн сүрдээх иччилээх баҕайытык этэн-тыынан барбытыгар, Миисэ кыыһын кууһан олорон өссө буусса оргуйуон син өйдөөтө быһыылаах

-Бар, киэр буол! Оннук-маннык буола илигинэ икки харахпыттан сүтэн хаал, ол-бу диэн көр эрэ, сөп буолбатыҥ ду?!- диэн кытаанах баҕайытык хардарда. Оннук курдук күннэрэ дуу, түүннэрэ дуу бүтээхтээтэ. Любаша ийэтигэр эмиэ да кыыһыран, эмиэ да аһынан, ханна сылдьарын билбэтиттэн таһырдьа сүүрэн тахсан мээнэ хараҥа халлааҥҥа салгыҥҥа:» Маама, ханна бааргын?» – диэн ытыы-ытыы хаһыытаата да харда оннугар уу чуумпу, ханна эрэ ыттар үрэллэр. Аҕата ол айдаан таһааран айбардаан баран охтубут сиригэр сыппытынан утуйан хаалбыт, быыһыгар-ардыгар утуйа сытан тугу эрэ түүһүүрүттэн дуу, туга эрэ ыалдьарыттан дуу суостаах баҕайытык чуумпуну алдьатан киһи кулахата күүрүөр диэри хаһыытаан бытарытар уонна салгыы утуйан хаалар. Любаша үрдүнэн сэрэнэн атыллаан киирэн дьиэтин өрө тардынарга сананна. Дьиэтэ ыһыллан-тоҕуллан, сыта-сымара да кэбилэнэн, киһи кута-сүрэ тохтообот айылаах дьиэтэ буолан хаалбыт. Кырдьык хайа да дьахтар да ,оҕо да маннык дьиэҕэ эргиллэн кэлиэн баҕарбатын санаата:»Ийэм барахсан ама манык олохтонуом диэн кэргэн тахсыбыта буолуо дуо?» – диэн, Любаша бэйэтин сааһыгар сөп түбэспэт толкуйдары саныы-саныы дьиэтин хомунна. Дьиҥинэн кинилэр да аҕыйах сыллааҕыта бэрт кыахтаахтык олорбуттара, аҕата үлэһит бөҕө киһи, дэриэбинэҕэ биир улахан дьиэ кэргэн улахан уоллара буолан кырдьаҕас аҕата өлбүтүн кэннэ бас-көс киһилэрэ кини этэ. Булчут бэрдэ, техникаҕа ураты атын сыһыаннааҕа, үлэһит бастыҥа, тэрилтэ тутаах үлэһитэ. Ийэтэ эмиэ мааны дьүһүннээх, үрдүк үөрэхтээх, дьону кытары үлэлиир тэрилтэҕэ специалииһинэн үлэлиир, Любаша кыыстара ыал мааны да мааны оҕото, сорох дьон ордугургуу көрөр нүс-хас олорор ыаллара этэ. Этэ эрэ диибит… билигин ол ыалтан туохтара да хаалбата, аҕалара буолуохсут үлэтигэр ордугургуу саныыр дьонноро күн-түүн ону-маны техниканы оҥотторо-оҥотторо арыгыга убаан киирэн барбыттара. Бастаан утаа нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ сыттаах кэлэр буолбута. Любаша ону сэрэйбэт да буоллаҕа, оҕо буолан, арай ийэтэ кыыһырар быһыылааҕа: «Туох ааттаах хойутаатыҥ, өссө арыгы сыттаах кэллиҥ, тоҕо ол массыынаны оҥороргор арыгынан төлөһүөхтээхтэрий?!»- диэн кыҥкыныыра Любаша кулгаахтаргырар бу баардыы иһилиннэ. Аҕата оннук кэлэн баран, кэргэнэ саҥаран киирэн бардаҕына сапсыйан биһэр этэ уонна: «Бүттүм-бүттүм чыычаах, чэ, кыһырыма, ити Куоста мотуорун оҥотторо таарыйа оҕотун сууйтарда»- диэн сырыы аайы биричиинэтэ элбээн, иһэрэ чаастатыйан, олох да сүтэн хаалар идэлэммитэ. Үлэтигэр маҥнай тулуйа сатаан бараннар ууратан кэбиспиттэрэ, кини оннугар тутаах үлэһитинэн хата ол Куостатын ылбыттара. Дьэ онтон ыла саҕаланна ээ, арыгыга умньаммыт олох…(салгыытын күүтээрин).

Оксана Егоровна Васильева

1985 с. тохсунньу 14 күнүгэр Уус Алдан ураты айылҕалаах, куттаах-сүрдээх Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһыттан олохсуйан олорбут иккис дойдута — Нам улууһа. Үс оҕо амарах ийэтэ, тапталлаах кэргэн. 2021 с. Намнааҕы «Отуу уота», өрөспүүбүлүкэтээҕи «Айар аартыкпыт аргыстара» диэн айар дьоҕурдаахтар түмсүүлэрин чилиэнэ. Хоһоон айарга баҕалааҕа оҕо эрдэҕиттэн биллибитэ. Билигин Намҥа иистэнэр ательелаах, «Битик» диэн сахалыы истииллээх таҥас брендын хаһаайката, урбаанньыт. 23-с өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйааччылар съезтэригэр ситиһиилээхтик кыттыбыта.

Тулам барыта утарбыттыы саһарбыт…

Испэр ытыйар ыраас ырабын,
Кимэн киирэр көҕүлүүр күүспүн,
Күлүү оҥостон көмнөххө көмпүт…
Тулам барыта утарбыттыы саһарбыт…

Көҕөрөн көстөр соҕотох харыйа,
Күһүҥҥү тыалга тэҥҥэ суугунаан,
Атыннык туойардыы туспатык турарын,
Аттынан ааһаллар аахайбат аатыран…

Күһүҥҥү сэбирдэх кистэлэҥ хорҕотун,
Хоһооммор иилэммин хоруйун хостуурбун,
Дириҥин өйдөөбөт тумарык тулалаах,
Кэрэбин кэлэтэн хаарыаммын элэктиир…

Оксана Васильева, 20.09.23

Сымыйа сылбыйа үөскэтэн…

Оннооҕор эргэ туос ыаҕайа
Кылыс кыллыын силбэһэн,
Үйэ моҥоон холбоһон,
Бииргэ кырдьар курдуктар

Бэл сулумах сиккиэр тыал,
Иирэ талахтыын куустуһан,
Имэҥин иилэн аһардар,
Иҥнэр истиҥ кэрэлээх,

Оннооҕор хаппыт хаптаһын,
Токур тоһоҕо доҕордоох,
Олох эрэйин ааһаннар,
Тапталга билинэр курдуктар…

Онтон эн сүрэҕин соҕотох,
Сылыппат сыһыаны талбытыҥ,
Бэйэҕин албыннаан уоскутан
Сымыйа сылбыйа үөскэтэн…

Оксана Васильева, 05.10.23.

Саха биллэр хараҕынан…

Саха биллэр хараҕынан,
Көйөн ылар көрүүтүнэн,
Холоон көрөн одуулаан
Оргууй кэтээн маныырынан,

Саха мындыр толкуйа
Дьылҕа өҕүөмэр күөлүгэр,
Кистээн ииппит тиргэтин
Кистэлэҥин өһүлэр.

Саха ньоҕой оҥоһуута
Олох, өлүү ындыытын,
Таталҕатын тардыалаан
Кэлтэгэйдээбэт кэскиллиир.

Оксана Васильева, 14.01.2024.

 

Булларыма билигин уоскутары…

Билэҕин дуо?
Сүргэбин үөрдэр соругум,
Хааммын оргутар тобулум,
Бараммат балысхан буккуллуум,
Бүтэр уһуктаах түгэхтээх,
Үрэх баһа уоскулаҥ дойдуну…

Ол эрэн тоҕо эрэ?…
Ымсыырар ымыылаах ыллыкпын,
Кыҥааммын кылана көрөбүн,
Түгэҕэр тиийэрбин бытаардан,
Илгистэн кэбиһэн ааһабын…

Көрдөһөбүн…
Өһүллэр өйүкпүн таайарбын,
Быа түмүгүн сүөрэҥҥин
Хараҕым уотун өһөрөн,
Булларыма билигин уоскутары,
Эрдэтинэ элэктээмэ чуумпуну…

Оксана Васильева, 17.12.2023 с

 Генндий Геннадиевич Игнатьев – Айыы Оҕото

1994 с. бэс ыйын 7 күнүгэр Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 2011 с. З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын бүтэрбитэ. 2015 с. Дьокуускайдааҕы култуура уонна исскуство колледжыгар үөрэнэн төрүт култуура салаатын бүтэрбитэ. Үөдэй нэһилиэгин В.А. Зырянов аатынан «Сарыал» сынньалаҥ кииннин уус-уран салайааччынан үлэлиир. Сахалыы сиэри-туому үөрэтэр, ыччакка тарҕатар. Саха тылыгар, сиэригэр-туомугар сыһыаннаах ситимҥэ страницаны салайар. Хомуһунан үлүһүйэн дьарыгырар, оҕолору уһуйар. 2018 с. хоһоон суруйарга холонор. 2024 с. «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ.

Сандал саас

Сандал саас кэлиитэ —
Оҕо-аймах үөрүүтэ,
Эрэл сырдык кыыма
Түннүгүнэн күлүм гынна.

Мин дьолбун туойабын
Дууһам баҕатын толорон,
Кэрэкэ тыллары этэбин,
Көй салгыҥҥа көтөбүн,

Сирбит-дойдубут көмүһүнэн
Күлүлүмүрдүү оонньоон,
Оҕолуу толору дьоллонон
Күнү уруйдуу көрсөбүн.

Сылаас салгын сайа биэрэн,
Көҕүс дорҕоону таһааран
Көҥҥүллүк сайа тыынабын,
Айхал тыллары аныыбын.

Геннадий И. — Айыыы Оҕото

Төрүт…
Төрөөбүт төрүт салгыҥҥынан тыыннаххына,
Төрөөбүт төрүт тылгынан саҥардаххына,
Төрөөбүт төрүт тойуккун туойдаххына,
Төрөөбүт төрүт дойдугар үктэннэххинэ…
Күн сардаҥата сиргэ түһэринии,
Сандааран, сырдаан чэчирииринии
Бигэ туруктаах буолуоҥ!
Киэҥ көҕүстээх буолуоҥ!
Инникигэ эрэллээх буолуоҥ!

Геннадий Игнатьев-Айыы Оҕото.

«Төрөөбүт төрүт тылбыт!»

Төрөөбүт төрүт тылбыт —
Самаан сайын салалларын санатардыы араас дьэрэкээн өҥүнэн сандаарар,

Төрөөбүт төрүт тылбыт —
Омуннаах олоҥхо сүмэһинин курдук баай байҕал кэриэтэ кутуллар,

Төрөөбүт төрүт тылбыт —
Тыаҕа ой дуораана иһиллэринии дьигиһитэр,

Төрөөбүт төрүт тылбыт —
Буспут алаадьы сытын иҥэрэрдии сымнаҕастык иһиллэр,

Төрөөбүт төрүт тыл —
Эн баар буолаҥҥын биһиги ураты норуоппут,
Эн баар буоллаҥҥын биһиги итэҕэллээхпит!

Геннадий И. — Айыы Оҕото