Нам улууһун Петр Юмшанов аатынан Оҕо спорт оскуолатыттан Николай Тарскай төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт оҕолорго көҥүл тустуу чемпионатыгар 11 иитиллээччи кыттыыны ылбыт.
Уус Алдан улууһугар икки күн ыытыллыбыт көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ тустуук уолаттара 11 ыйааһыҥҥа хапсыһыы көрдөрбүттэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионакка 80 киилэҕэ Вадим Семенов төрөппүт уола Тимур Семенов боруонса мэтээли кэппитин Намнааҕы Оҕо спорт оскуолатын аҕа тренерэ Сергей Семенов этэр. Ону тэҥэ, аҕа тренер Сергей Сергеевич “Бастыҥ судьуйа” анал аат хаһаайына буолбут. Оттон хамаанданан киирсиигэ Чурапчы улууһа эрэллээх кыайыыны ылбыт. Бириистээх миэстэлэри Дьокуускай куорат уонна Сунтаар улууһун хамаандалара үллэстэллэр.
“Нам улууһун Николай Тарскай чемпионатыгар көбүөргэ Винокуров Давид 48 кг; Николаев Айысхан 51 кг; Ефимов Леня 51 кг; Аргунов Эрсан 55 кг; Гуляев Коля 60 кг; Волков Дьулустан 65 кг; Прокопьев Данил 65 кг; Куприянов Ярик 70 кг; Колосов Степа 70 кг; Семенов Тимур 80 кг; Прокопьев Павел 110 кг ыйааһыннарга тахсан көмүскээтилэр”, – диир тренер Сергей Семенов.