Нам кикбоксердара «Азия оҕолоро» оонньууга путевка ыллылар

Дьокуускай куорат “Дохсун” спортивнай комплекска олунньу 29 күнүттэн кулун тутар 3 күнүгэр диэри А.Е. Иванов кэриэһигэр кикбоксиҥҥа Уһук Илин бастыыр иһин күрэхтэһии буолбут.

Кикбоксинг лоу-кик түһүмэҕин кыайыылаахтара уонна призердара Саха сирин аатын Россияҕа бастыыр иһин уонна “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууга көмүскүөхтэрэ.

Таһымнаах күрэхтэһиигэ Нам улууһун чиэһин «Олимпик» спорт оскуола иитиллээччилэрэ көмүскээбиттэрин дириэктэр Юрий Балаганскай этэр. Ол курдук, Дмитрий Черноградскай уонна Дмитрий Захаров уолаттара 4 мэтээли ылбыттар:

1 миэстэ – Габышев Ярослав;
2 миэстэ – Саввинов Маркел;
2 миэстэ – Попов Ариан;
3 миэстэ – Жирков Владимир.

“Кикбоксинг ыарахан көрүҥ. Үөрэнээччилэрбитин уонна тренердэрбитин Дмитрий Черноградскайы уонна Дмитрий Захаровы эҕэрдэлиибит!”, – диир Юрий Балаганскай.

Ону тэҥэ, күрэхтэһиигэ Дмитрий Черноградскай үөрэҕин ааспыт ХИФУ устудьуоннара, Нам уолаттара улахан дьоҥҥо Стас Румянцев үрүҥ көмүс, Габриэль Афанасьев боруонса мэтээллэри ылбыттар. Нам улууһун, тренердэрин ааттарын өрөспүүбүлүкэҕэ ааттаталларыттан киһи үөрэр.

Харысхан Попов