Нам кинээһэ Нохто Никин аймахтарын кытта көрсүһүү буолла

Бэс ыйын 25 күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан Нам улуустааҕы киин библиотека конференц-саалатыгар улууспут кыраайы үөрэтээччилэрэ сүбэ мунньахха инники үлэ былаанын торумнаатылар, Эҥсиэли хочотун улуу дьоннорун ааттарын үйэтитиигэ уонна пааматынньыктары харыстааһын тула санааларын атастастылар. Мунньаҕы кыраайы үөрэтээччилэр улуустааҕы түмсүүлэрин салайааччыта Александр Кириллин сүрүннээтэ.

Мунньахха улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Юрий Дьяконов, улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын салайааччыта Семен Ядрихинскай кыттыыны ыллылар. Манна Дьокуускай куораттан Любовь Попова сиэн балтытынаан Наталья Ларионованы кытта ыалдьыттаатылар. Александр Васильевич кинилэри билиһиннэрэригэр Эҥсиэли хочотугар олорон ааспыт Нам кинээһиттэн Нохто Никинтэн тардыылаахтарын, төрүттэринэн дириҥ силистээхтэрин бэлиэтээтэ.

Кыраайы үөрэтээччи Ульяна Сивцева-Ыллыктаах 17 үйэ ситэ үөрэтиллибэккэ турарын, научнай-чинчийэр үлэ кэмчитин, дойдубут киин куораттарын государственнай архыыптарыгар хасыһан Нам улууһугар сыһыаннаах элбэх докумуоннары булан туһаҕа таһаарарын, история токурутуллубакка барарыгар үлэлэһэрин эттэ. Улуустан историк идэлээх эдэр дьону наукаҕа сыһыарары болҕомтоҕо ылан, иитэн таһаарарга этии киллэрдэ.

Улууспут култуураҕа управлениетын салайааччыта Семен Ядрихинскай сыал-сорук туруорунан кэккэ улахан бырайыактарга хамсааһын тахсыбытын бэлиэтээтэ. Ол курдук, «Мымах олоҕо» диэн эрдэ саҕаланан баран, уонча сыл устата хамсаабакка сыппыт улахан үлэни П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история, этнография музейын кытта бииргэ ылсан, Партизан нэһилиэгэр сирин-уотун быһааран, «Саха олоҕо» диэн саҥалыы ааттаан өбүгэлэрбит былыргы олохторун-дьаһахтарын, салайан ааспыт кулубалары, кинээстэри көрдөрөр историческай уонна туристическай хабааннаах кэскиллээх бырайыакка үлэлэһэллэрин сырдатта. Иккис улахан бырайыак – 1632 с. нуучча хаһаахтара туппут бастакы остуруоктарын олоҕо Нам улууһун 2 Хомустааҕар түспүтэ дакаастанан, докумуоннарынан бигэргэнэн, Нам улууһун дьаһалтата уонна Дьокуускай куорат мэрията остуруогу тутууга сөбүлэһии түһэрсибиттэрин, сирэ-уота быһаарыллыбытын, үлэ барарын эттэ. Үһүс бырайыак – улууспут киинин «Эҥсиэли» сынньалаҥ пааркатыгар силбэһэ турар «Маастардар дэриэбинэлэрэ» бырайыагы сөргүтэн, суолун-ииһин оҥорон, гааһын, уотун киллэрэн, дьиэлэрин-уоттарын реестрга сааһылаан, хаһаайыттарын кытта быһаарсан, үлэ саҕаламмытын аҕынна, ити барыта олоххо киирдэҕинэ, дьон-сэргэ тоҕуоруһа сылдьар кэрэхсэбиллээх сирдэринэн буоларын бэлиэтээтэ.

Нам улуустааҕы киин библиотека дириэктэрэ Майя Софронова улуус историятын сырдатыыга уонна Нам улууһун төрүттээбит дьон үтүө ааттарын үйэтитиигэ Санкт-Петербург, Москва, Иркутскай куораттар государственнай архыыптарыттан, национальнай архыыптан, араас источниктартан Нам улууһугар сыһыаннаах элбэх матырыйаалы, докумуоннары булан, түмэн, сааһылаан хомуурунньугу, кинигэлэри таһааралларыгар үлэ барарын, ол барыта библиотека фондатыгар киирэрин эттэ, туһаналларыгар сүбэлээтэ. Билигин дириҥ историческай суолталаах Мымах кинээс төрдүн-ууһун үөрэтиигэ үлэлииллэрин бэлиэтээтэ. Кыраайы үөрэтээччилэр докумуоннары көрдөөһүҥҥҥэ бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн, биир сүбэнэн үлэлииргэ, көстүбүт матырыйааллары дьоҥҥо-сэргэҕэ иһитиннэриигэ таһаарарга итиэннэ нэһилиэктэр, биирдиилээн дьон Нам улууһун историятыгар, аатаах-суоллаах, биллэр-көстөр дьоҥҥо сыһыаннаах кинигэлэри таһаардахтарына, улуустааҕы библиотекаҕа экземплярдары тиксэрэллэригэр баҕа санаатын тиэртэ.

Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы Юрий Дьяконов кыраайы үөрэтээччилэр үлэлэрэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Бу хайысхаҕа улуус дьаһалтатыгар тус сыаллаах муниципальнай программа киэҥ ис хоһоонноох былааҥҥа олоҕуран оҥоһулла сылдьарын, онно үп-харчы көрүллэрэ программаны көмүскээһинтэн тутулуктааҕын быһаарда. Нам улууһун историятын үөрэтиигэ токурутууну таһаарбакка, чахчыларга олоҕуран, хайдах баарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччакка тиэрдэргэ сыал-сорук туруорунан үлэлииллэригэр баҕарда.

—Мин 2016 сылаахха пенсияҕа тахсан бараммын, эбэм, эһэм туһунан билиэхпин баҕараммын, аҕаларын ааттарын да билбэккэ сылдьан, национальнай архыыпка элбэх докумуоннары хаһыспытым да, күттүөннээҕи булбатаҕым. Оттон быйыл Партизан, 1 Хомустаах кинигэлэрин көрөн, эһэбит Петров Федор Иванович – Нам улууһугар үс болдьоххо, аҕыс сыл устата, кулубалаабыт уонна бэйэтин нэһилиэгэр 1 Хомустаахха 12 сыл устата старосталаабыт Сиибиктэ, Петров Иван Петрович, уола диэни буллубут. Кини биэс уоллаах эбит, ону перепискэ көрбүтүм — улахана Петров Прокопий Иванович 1895 с.т., 65 саастаах эбит, Петров Афанасий Иванович 60 саастаах, онтон Петров Иван Иванович кэлэр, онто кыра бутуурдаах, перепискэ – 55 уонна 58 саастаах курдук суруллубут. Онтон төрдүс уола Петров Константин Иванович 35 саастаах, ол кэнниттэн биһиги эһэбит Петров Федор Иванович 30 саастаах эбит.

Биһиги эһэбит Петров Федор Иванович кулаактааһыҥҥа түбэһэн, хаайыыга ууруллан, онно сытан ханна хараллыбытын араас ханаалларынан көрдөөтүбүт да, кыайан тугу да булбатыбыт,—диэн ыалдьыт Любовь Михайловна иһитиннэрдэ уонна төрдүлэрин хасыһан үөрэтэллэрин эттэ.

Сүбэ мунньахха бэйэлэрин санааларын Александр Кириллин, Вера Попова, Екатерина Лукинова, Афанасий Христофоров уо.д.а. эттилэр. Салайааччылар элбэх киирбит ыйытыыларга хоруйдаатылар. Түмүгэр кыраайы үөрэтээччилэр улууспут баай историятын, түҥ былыргытын өссө дириҥник үөрэтэн, хайдах баарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэргэ, чулуу дьоммут олохторун, үлэлэрин сырдатыыга, нэһилиэктэр аайы ытык сирдэри, бэлиэ түгэннэри кэрэһэлиир пааматынньыктары сөргүтэн үлэлииргэ соруктаннылар.

Касьян Олесов-Олук