Нам КСК-гар тэриллибит ПВР-га усулуобуйа барыта баар

Ньургун Тимофеев аатынан култуура-спорт комплексыгар халаан уутун кэмигэр сыл аайы ПВР тэриллэр. Онуоха комплекс салалтата, буоларын курдук, быстах кэмҥэ олоруу пуунун үрдүк таһымнаахтык тэрийэр. Бу күннэргэ манна Хатырыктан элбэх оҕолоох ийэ Сергалина Гоголева кэллэ.

Сергалина Гоголева, 7 оҕолоох ийэ:

— Билигин Хатырыктар үксүлэрэ нэһилиэк оскуолатыгар эвакуацияланан олороллор. Маҥнай уу кэлэр кэмигэр оҕом бэлиэ күнүн бэлиэтээри бэлэмнэнэ сылдьыбыппыт. Дьиҥэ, наҕыл олорбутум Хатырыгы уу ылааччыта суоҕа диэн.

Арай, халаан уута тэлгэһэбитигэр тиийбитэ, онтон үктэлгэ уонна муостабыт таһынан тахсан саҕалаабыта. Бу көстүү кыл түгэнигэр, барыта көрүөх бэтэрээ өттүгэр буолбута. Оҕолорбунаан турар бэйэбитинэн таһынааҕы ыалларбытыгар икки кырабын көтөхпүтүнэн ууну ис быһаҕаспытынан кэһэн куоппуппут.

Нэһилиэги бүтүннүү ылан көрдөххө, дьон дьиэтин кырыыһатыгар тиийэ ылбыта. Дьон ынаҕа-сүөһүтэ 100-тэн тахса төбө былдьанна диэн кэпсэтэллэр. Холобура, биһиги дьиэбитин үрдүк сиртэн көрдөхпүнэ, уу аҥаарынан ылбыт этэ.

Бастакы көмө оҥорбуттарга Хатырык баһылыгын э.т. Артур Ноговицыҥҥа, оскуола, кулууп үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдиэм этэ. Мин билэрбинэн, улуус дьаһалтатыттан гуманитарнай көмө биһиги Хатырыктан айаннаабыппытын кэнниттэн тиийбит этэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ Хатырыкка уу таһыма түһэн саҕалыыр.

Манна КСК-ҕа үчүгэйдик көрүстүлэр. Киһи наадыйара барыта баар: туттар тэриллэр, итии аһылык, оҕо оонньууругар былаһаакка.

 

Харысхан Попов

Читайте дальше