Нам улууһун олохтооҕо түөкүттэргэ
уолун счётуттан 730 тыһ. тахса солк.ыыппыт
Нам полициятын отделыгар 61 саастаах дьахтар масыанньыктарга түбэспитин туһунан заявление суруйбут.
Пенсионерка кэпсээбитинэн, соторутааҕыта киниэхэ ватсабынан билбэт нүөмэрэ эрийбит. Биллибэт эр киһи куолаһа «Центральный банк» үлэһитэбин, «Госуслуга» сайтка масыанньыктар тус кабинеккын алдьатаары гыналлар диэбит. Итиэннэ уурунуу харчытын страховкалаан паспорын дааннайын көрдөөбүт. Туох да куһаҕаны сэрэйбэтэх пенсионерка, уурунуу харчытын сүтэримээри, дааннайдарын этэн биэрбит. Ол кэнниттэн кэпсэтээччитэ ыйан биэрбит «куттала суох харысхаллаах» счёкка,
баан мобильнай приложениетын нөҥүө, 730 тыһ. тахса солк. ыыппыт. Быһылаан түмүгэр, пенсионеркаҕа уола каартатын биирдэ эмит туһанарыгар диэн көҥүллээбитэ биллибит.
Олохтоохтор истиилэригэр!
Бааннар уонна гос.тэрилтэлэр WhatsApp, Telegram уо.д.а. сыһыарыылар нөҥүө эрийбэттэр. Масыанньыктар эрэ эрийэллэр!
Өскөтүн уурунуугут харысхалын туһугар дьиксинэр, эбэтэр биллибэт звонок кэлбитин уорбалаатаххытына, уталыппакка кэпсэтиини быһыҥ уонна 102, 112 нүөмэрдэргэ эрийэн тыллааҥ. Бу туһунан СӨ ИДьУО пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Эҥсиэли» хаһыат