Нам сэлиэнньэтэ халааны бэлэмнээх көрсөр

Ленскэй нэһилиэккэ ыам ыйын 16 күнүттэн “Муҥутуур бэлэм буолуу” режимэ биллэриллибитэ. Нам сэлиэнньэтигэр халаан утары үлэлэр ыытыллан түмүктэннилэр.

Бу күннэргэ сэлиэнньэ тула даамбалары оҥорууга үгүс техника үлэлээбитин олохтоох дьаһалта ыксаллаах быһыыга-майгыга специалиһа Дьулустан Макаров этэр. Салгыы, быстах кэмҥэ олоруу дьиэлэрэ бары бэлэм олороллор. Нам ынаҕа-сүөһүтэ, сылгыта арыылартан, намыһах сирдэртэн толору тахсан турар.

Сэлиэнньэ өрүс кытыытыгар олорооччу ыаллар көмүөл мууһа, эбэ чуумпутук этэҥҥэ устан ааһарыгар эрэллээхтэр.

“Тустаах дьаһаллар тахсаннар ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата үлэ ыытылла турар. Биэс сиргэ халаан уутун кэтиир камералар үлэлээтилэр. Өлүөнэ өрүс мууһа ааһыар диэри күннэри-түүннэри дьуһуурустубалар саҕаланнылар. Ону тэҥэ, бүгүн даамбаларга буору кууллааһын субуотунньуга буолуоҕа”, – диир Дьулустан Макаров.

Харысхан Попов

Читайте дальше