Сайыҥҥы кэмҥэ оскуола үөрэнээччилэрэ киэһэтин “уулуссаны мээрэйдииллэрэ” урут да баара, билигин да баар. Сокуоннай сааһын ситэ илик оҕо төрөппүтэ суох сайыҥҥы бириэмэҕэ 23.00 чаастан (кыһыҥҥы бириэмэ 22.00 ч) сарсыарда 6.00 чааска диэри уулуссаҕа тахсара сокуон өттүнэн көҥүллэммэт.
Нам сэлиэнньэтигэр Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата, тустаах уорганнар бу боппуруоска ылсаллар. Ол курдук, сайыммыт ортолоон, күммүт сыыйа кылгаан оҕо уулуссаҕа тахсыыта элбиир диэн сабаҕалыахха сөп. Ордук атырдьах ый ортотуттан, үөрэх дьыла саҕаланыытыттан, оҕо түүҥҥү сэлиэнньэҕэ тахсыыта элбиирэ бигэргэнэр.
“Оҕолор дьонноро утуйбуттарынан эбэтэр атын сиргэ барбыттарынан туһанан түүн уулуссаҕа тахсаллар. Ырытан көрүү түмүгүнэн, буруйу оҥоруу, ПДН учуотугар туруу ордук түүҥҥү кэмҥэ оҥоһуллар. Аны туран сокуону кэһии толору дьиэ кэргэннээх (ийэлээх, аҕалаах) оҕоттон үксүгэр тахсар”, – диир Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын үлэһитэ Анна Слепцова.
Ленскэй нэһилиэккэ от ыйын 21 күнүгэр рейдэҕэ таҕыстыбыт. Маҥнай Доҕордоһуу болуоссатыгар эдэр дьон олорорун көрөн тиийбиппит, 18-таах уолаттар буолан биэрдилэр. Бука сэрэйдэххэ, оскуолаларын бүтэрбиттэр түмсэн көрсөн эрдэхтэрэ. Салгыы Максим Аммосов набережнайыгар тохтоотубут. Массыынаттан тахсааппытын кытта, велосипедтаах уол атахха биллэрдэ, оҕобут күлүгүн кэнниттэн эрэ көрөн хааллыбыт. КСК территориятыгар хараҥаҕа күлүктэр көстөллөрүгэр тиийдибит. Киһи эмиэ да күлэр, эмиэ да сонньуйар: икки оскуола оҕото карусельга эргийэн үөрүүтэ-көтүүтэ үксээбит кэмигэр түбэстибит. “Электра” маҕаһыын иннигэр икки сокуоннай саастарын туолбут эдэр дьон балтыларын илдьэ сылдьаннар “Тик-Ток” үҥкүүлээн уһула сырыттахтара үһү. Түүн ортото Илья Винокуров аат. уулуссанан айан суолун тутан истэхпитинэ, биир кыра кыыс дьүөгэтин кытта сылдьар эбит. Кыыс оҕоҕо өйдөтөр кэпсэтии ыытан баран, ийэтигэр илдьэн туттардыбыт. Чопчулаатахха, төһө да устудьуон буолбутун иһин, сокуоннай сааскын туола илик буоллаххына, сокуон иннигэр бары тэҥмит.
Сокуоннай сааһын туола илик оҕо түүҥҥү өттүгэр бэрээдэк кэһэн итирдэр утаҕы испит түгэнигэр, төрөппүтэ 3 ч иһигэр кэлэн полиция отделыттан ылыахтааҕын республикатааҕы психологическай киин Намнааҕы филиалын педагог-психолога Варвара Попова этэр. Өскөтүн ити бириэмэ иһигэр ылбатахтарына, бэрээдэк быһыытынан, тутуллубуту быһаччы өрөспүүбүлүкэтээҕи кииҥҥэ ыыталлар эбит.
Хомойуох иһин, түүҥҥү уулуссаны кээмэйдээбит, бириэмэтин халтай ыыппыт оҕо, улахан киһи олоҕор киирэн уустуктары көрсүбүтүн, көрсөрүн тус бэйэбинэн билэбин. Маны барытын ааспыт олох кэрдиистэрэ көрдөрөллөр. Бу оннугар, оҕо иллэҥ буолбакка туһалааҕынан дьарыктаныахтаах. Холобура, бириэмэни сөпкө туһанар инниттэн, үөрэх дьылыгар оҕо эбии үөрэхтээһин оскуолаларыгар (спорт, үҥкүү уо.д.а.) билиитин-көрүүтүн хаҥатыахтаах, оттон сайынын лааҕырга эбэтэр үлэҕэ эриллэн, туох-хантан кэлэрин билэ улаатыахтаах. Бу барыта олох үөрэҕэ.
“Уйулҕа киинин үлэһиттэрэ сокуоннай саастарын туола иликтэр дьыалаларын комиссиятыгар (КДН) сыһыарыллан рейдэҕэ сылдьабыт. Оҕо ханнык эрэ бириэмэҕэ уйулҕата ыһыллан ылар кэмнээх. Кэнники сылларга улаатан эрэр оҕо төрөппүтэ суох бэйэтинэн кэлэн көмө көрдүүрэ үксээтэ. Оскуола үөрэнээччитэ киэһэ уулуссаҕа таҕыста да, арыгы, табаах боруобалыы тахсар диэн өйдүүр сыыһа. Холобура, билигин түүҥҥү уулуссаҕа арыгы иһэн баран сылдьар оҕо суоҕун кэриэтэ, көстүбэт”, – диир Варвара Николаевна.
Ленскэй нэһилиэккэ рейдэ бөлөҕө куруук тахсар. Мантан күһүн хараҥарыыта, түүҥҥү өттүгэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору хонтуруоллуур рейдэ өссө күүһүрэрэ былааннанар.
Харысхан Попов