Ленскэй нэһилиэккэ сааскы халаан уу таһыма 668 см диэри тиэрдэ сырытта. Сэлиэнньэҕэ кутталлаах таһым 831 см ааҕыллар. Ол эрээри, Нам сэлиэнньэтигэр уу 4 олорор дьиэ иһигэр киллэрдэ. 20 дьиэ тиэргэнэ, уһаайбата ууга барда. Барыта 60 олохтоох, ол иһигэр 10 оҕо кутталлаах быһыыга-майгыга киирдэ.
Бу күннэргэ олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ уу ылбыт 4 дьиэни уонна тэлгэһэлэри көрдүлэр-иһиттилэр. Олохтоохтор халаан буолуон инниттэн намыһах сирдэргэ даамбалары тутан, бөҕөргөтөн күүстээх үлэ ыыппыттара. Санаттахха, кутталлаах күннэргэ даамбалары уу тоҕо көтөн сэлиэнньэҕэ киирбэтин туһугар, олохтоохтор бука бары турунан биир сомоҕо буоланнар түүннэри-күнүстэри үлэлэспиттэрэ.
“Күн бүгүҥҥэ дылы түүннэри-күнүстэри уу таһымын кэтиибит. Улуус дьаһалтатыгар гуманитарнай көмө тиксэрдибит”, – диир олохтоох дьаһалта ыксаллаах быһыыга-майгыга специалиһа Дьулустан Макаров.
Харысхан Попов