Саха норуотугар самаан сайын сатыылаата. Наммыт улууһугар лоп курдук ыам ыйын 22 чыыһылатыттан, сайын саҕаланар күнүттэн куйаастар турдулар.
Нам сэлиэнньэтигэр биирдиилээн ыаллар хортуоппуй, оҕуруот аһын номнуо олоттулар. Үүнээйи ыһылынна да уунан хааччыллыыны ирдиир. Петр Сокольников баһылыктаах Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалта нэһилиэнньэҕэ болҕомто ууран, уу ситимигэр ыам ыйыттан ылсар.
Уу ситимигэр эппиэтинэстээхтэр Леонтий Стрекаловскай, Николай Кондаков, Валерий Стрекаловскай ыам ыйыттан саҕалаан Полевая, Георгий Попов аатынан уулуссаларынан ааһар тимир турбалары пластикка уларыппыттара. Бу күннэргэ Строительнай уулуссаҕа уларытыы үлэтэ барыаҕа. Оттон сүрүн трассаҕа ууну үлэһиттэр ыам ыйын 25 күнүгэр холбоон бэрэбиэркэлээтилэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ уу ситимэ Нам аҥаарыгар тимир турбаларынан тиксэр. Онуоха, инникитин тимирдэр пластикка уларыйыахтарын наадата бэлиэтэнэр. Ол курдук, быйыл сүрүн трассаҕа 600 м кэриҥэ уһуннаах пластик турба атыылаһыллыбыт. Бэлиэтээн эттэххэ, эрдэ Первомайскай уулуссаҕа диэри өссө пластикка уларыйбыттар.
“Ууну холбоон көрөммүт, ханна алдьаныы-кээһинии тахсыбытын биллибит. Ордук тэһитэ-хайыта ыстаныылар оллурдаах-боллурдаах сирдэргэ баар тимир турбаларга тахсар. Холобура, тимир турбаларга ордук уу хаалар уонна кыһын дэлби тоҥон хайа барыылар тахсаллар.
Үлэ былаанынан, Нам сэлиэнньэтэ бэс ыйын маҥнайгы күнүттэн толору уунан хааччылларыгар үлэлэһэбит. Билиҥҥитэ пластик алдьаныыларын көннөрдүбүт эрээри… Сайын устата тэстии хайаатар да тахсар. Холобура, давлениены бэрт кыратык да үрдэттэххэ, чуолаан, тимир турбалар тэһэ ыстаналлар. Водопровод үлэтэ болҕомтону эрэйэр”, – диир Леонтий Дмитриевич.
Харысхан Попов