Нам сэлиэнньэтигэр уу ситимин турбалара уларыйаллар

Нам сэлиэнньэтин олохтоохторо сайын устата уу ситиминэн хааччыллаллар. Ол курдук, хас биирдии түөлбэҕэ, ыалга уу кэлиитэ сылтан сыл тупсар.

Уу ситимигэр алдьаныылар-кээһиниилэр тахсаннар кыра тохтобуллар тахсаллар. Холобура, сөрүүн күннэр турдахтарына, уу үтэр күүһүн давлениетын тулуйбакка эргэрбит тимир турбалар хайыта, тэһитэ бараллар. Оччотугар кылгас бириэмэҕэ хоту эҥэр барыахтаах уу араарыллар эбит.

Ол туһуттан Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата уу ситимэ быстыбакка үчүгэйдик тиэрдиллэригэр үгүс уулуссаларга уларытыы ыытар. Билигин Леонтий Стрекаловскай салайааччылаах бөлөх Чаҕылҕан Винокуров аат., Полевая, Новая уулуссаларыгар эргэрэ быһыытыйбыт турбаларын пластик турбаларга уларытта уонна Строительнай уулусса аҥаар өттө саҥардыллыбыт.

“Бу күннэргэ сэлиэнньэ киин өттүгэр, уу ситимин тиэрдэр сүрүн линияны 600 м кэриҥэ пластик турба солбуйуоҕа. Ону тэҥэ, КСК өттүгэр уларыйыы барыахтаах. Барыта 3 км кэриҥэ курдук турба уларыйда”, – диир Леонтий Дмитриевич.

Харысхан Попов 

Читайте дальше