Нам спортсменнара кыһыҥҥы спартакиадаҕа кыайыы иһин айаннаатылар

Алдаҥҥа, Нерюнгрига спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр Саха сирин V спартакиадата кулун тутар 26 күнүттэн саҕаланыаҕа. Бүгүн Нам улууһун сүүмэрдэммит хамаандата мандааты толору ааспытын улуустааҕы спорт управлениетын салайааччыта Павел Иванов этэр.

Сарсын Алдаҥҥа уонна Нерюнгрига кыһыҥҥы спартакиада арыллыбытынан ааҕыллыахтара. Ол курдук, Нам хоккеистара сарсын Нерюнгрины кытта оонньуохтара, өйүүн Мэҥэ Хаҥаластыын көрсүөхтэрэ. Фигурнай хаҥкыга икки кыыс, икки уол мууска өйүүн тахсыахтара.

Оттон Алдаҥҥа хайыһарынан куоталаһыыга, биатлоҥҥа, хайыһарынан спортивнай ориентированиеҕа, кыһыҥҥы многоборьеҕа, шорт-трекка, сноубордка, туруору сыыртан түһүүгэ (горнолыжка), хотугу многоборьеҕа сарсыҥҥаттан күрэхтэһиэхтэрэ.

«Нерюнгрига 20-чэ буолан баарбыт, оттон Алдаҥҥа 30 спортсмен. Спортсменнар туруктара бойобуой, кыайыыга дьулуһабыт!» — диир Павел Гаврильевич.

Нам улууһа кыһыҥҥы спартакиадаҕа үс иһигэр киирэрдии эрэллээхтик айанныыр. Хамаандаҕа ситиһиини баҕарабыт. Нам улууһун олохтоохторо спортсменнарбытыгар ыалдьабыт, долгуйабыт, санаалыын бииргэбит!

Харысхан Попов

Читайте дальше