Нам улууһа фигурнай хаҥкыга — үһүс миэстэ!

Нерюнгрига «Шахтер» спорт комплекска спортсменнар фигурнай хаҥкы көрүҥэр күрэхтэстилэр.

Уолаттарга Арчылан Харатаала, эр дьоҥҥо Сандр Находкин 4-с миэстэ буоллулар. Сандр Находкин нүөмэрин үрдүк таһымнаахтык толордо. Кини Нерюнгри спортсменын кыайда!

Кыргыттарга Елизавета Санникова 2-с миэстэни ылла. Оттон дьахталларга Анна Микалаюнайте 3-с бочуоттаах миэстэҕэ таҕыста, хамаандаҕа боруонса мэтээли аҕалла. Бу кыргыттар Нам улууһун Граф Биэрэгиттэн силис тардаллар. Улууспут куруук бэйэтигэр ыччатын ыҥыра, угуйа, ситимнии турдун. Бу олоххо ким, туох барыта төрдүлээх, силистээх-мутуктаах.

Нам улууһа фигурнай хаҥкыга куораттары кытта тэҥинэн аан маҥнайгытын күрэхтэстэ. Манна өссө ситиһиилээхтик кыттыбытын эбэн этэбит. Саха сирин кыһыҥҥы V спартакиадатыгар быһаарыылаах күннэр хааллылар. Онон, биир дойдулаахтарбыт, «Баҕалаах баҕанаҕа ыттар» диэни этэн туран, спортсменнарбытыгар Эҥсиэли хочотуттан эрчим, күүс-уох санааны ыыта олоруохха!

Харысхан Попов

Читайте дальше