Нам улууһа Күүстээх Дэһээккиҥҥэ 25 улуустан 6-с буолары ситистэ

Нам улууһун мадьынылара Хаҥаласка Г.Р. Десяткин-Күүстээх Дэһээккин кэриэһигэр ыытыллыбыт мас-рестлинг чемпионатыгар 25 улуустан 6-с миэстэҕэ тахсары ситистэ. Мас-рестлиҥҥэ тус бэйэ туһатыгар уонна хамаанданан киирсиигэ дьахталлар, эр дьоннор уонна ветераннар күрэхтэспиттэрин Нам сүүмэрдэммит хамаандатын иилээбит-саҕалаабыт Сергей Софронов этэр.

Нам улууһа 6-с миэстэни дабайан мас-рестлинг I лигатыгар киирдэ. I лигаҕа киирбит улуустар эбии оҕолордоох (9 ыйааһын) ахсынньыга Кубокка көрсөллөрө былааннанар. Намнар номнуо, бэлэмнэнии дьарыгын саҕалыыллара күүтүллэр.

“Мас тардыһыыга улуустааҕы спартакиада I түһүмэҕэр бэйэлэрин көрдөрбүт мадьыныларбыт өрөспүүбүлүкэ таһымыгар сүрэхтэннилэр. Сүрүн сыал-сорук – “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэнии, сатабылы чочуйуу”, – диир Сергей Анатольевич.

Хаҥаласка олунньу 29 күнүттэн кулун тутар 3 күнүгэр диэри мадьынылар киһи сөҕөр-махтайар киирсиилэри, соһуччу кыайыылары бэлэхтээбиттэрин улуустааҕы спорт управлениетын салайааччытын солбуйааччы Сергей Софронов бигэргэтэр.

Г.Р. Десяткин-Күүстээх Дэһээккин кэриэһигэр ыытыллыбыт мас-рестлинг чемпионатын Мэҥэ Хаҥалас (126 очко) эрэллээхтик ылбыт. Иккискэ Хаҥалас (136) улууһа, үһүскэ Чурапчы (164), төрдүскэ Уус Алдан (192), бэһискэ Амма (194) уонна алтыска Нам (196). 

Чемпионакка 21 ыйааһын баарыттан Нам улууһа бэйэтин холугар үчүгэй көрдөрүүнү аҕалбыта көстөр. Дьахталлар ыйааһыннарыгар: 50 кг – 8; 55 кг – 6; 60 – 5; 65 кг – 9; 75 кг – 8; 85 – 3; 85 кг үөһэ – 12 миэстэлэр. Эр дьоҥҥо: 60 – 30; 65 кг – 22; 70 кг – 14; 75 кг – 14; 80 кг – 3; 90 – 10; 105 кг – 17; 125 кг – 5; 125 кг үөһэ – 3 миэстэлэр. Ветеран эр дьоҥҥо: 65 кг – 2; 75 кг – 1; 85 кг – 3; 95 – 14; 95 кг үөһэ – 7 миэстэлэр.

Мас-рестлиҥҥэ 2017-18 сыллардаахха Хаҥалас мөлтөһүөр эбит буоллаҕына, быйыл дойдутугар бэйэ бодотун тардыммыта харахха быраҕыллыбыт. Кинилэр аҕыйах сыл иһигэр хомуллубуттар, түмсүбүттэр. Оттон Нам сүүмэрдэммит хамаандатыгар, эр дьон кыра ыйааһыннарыгар өрө тардыныы бардаҕына, тэҥ-тэҥҥэ киирсиллэрэ көрдөрөр.

Мас тардыһыыга өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнайгыларын күрэхтэспит уолаттар, кыргыттар бэйэлэринэн билэннэр сэҥээрбиттэр. Мас туһунан кылгастык эттэххэ, киһи дьиктиргиэх, мас-рестлинг күрэхтэһиитин эйгэтэ салгынныын атын тыыннаах буолааччы. Эбэн эттэххэ, улууска комплекснай спартакиаданы III түһүмэхтээбиттэрэ көстөн тахсар. Арай, мас-рестлиҥҥэ I түһүмэҕи оҥорботох буоллуннар, атын хартыына буолуо эбит.

Быйылгы өрөспүүбүлүкэтээҕи чемпионакка көҥүл ылан (мандат) киириитин ирдэбилэ ордук кытааппыта бэлиэтэнэр. Бу кыһын “Көмүс маска” судьуйа хамыыһыйата ирдэбил кытаатыа диэн эппитин чемпионакка көрдөрбүт. Нам улууһуттан 41 кыттааччы мандааттан иҥнибэккэ тэрээһиннээхтик толору ааспытын күрэхтэһии кылаабынай судьуйата Андрей Сидоров хайҕаабыта этиллэр.

Үс күн устата 2 Хомустаах, 1 Хомустаах, Түбэ, Искра, Хамаҕатта, Партизан, Аппааны Ленскэй нэһилиэктэр спортсменнарыттан турбут Нам улууһун сүүмэрдэммит хамаандата эриирдээх-мускуурдаах кытаанах киирсиилэри, тургутуулары ааспыт.

Күрэхтэһии бастакы күнүн Намтан 19 спортсмен саҕалаабытыттан, өрөспүүбүлүкэтээҕи мас-рестлинг тыынын уйан 3 мадьыны хамаандаҕа үрүҥ көмүс уонна икки боруонса мэтээллэри аҕалбыттар. Ветераннарга 65 киилэҕэ Никита Ширяев (2 Хомустаах) помостка ааттаах-суоллаах биллэр спортсменнары көрсөн киһи сөҕөр кыайыыларын ситиспит. Утарсааччыларын ис туруктарын алдьаппыт Нам мадьыныта финалга тахсан 2 миэстэ буолар. Ол эрээри, эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар, иҥиир киһи илистэр. Нам улууһун, Саха сирин эрэлэ диэн харыстаан ааттыыр уолбут Вячеслав Дьяконов (Түбэ) 80 киилэҕэ 3-с бочуоттаах миэстэҕэ тахсар. Ветеран дьахталларга Людмила Иванова (1 Хомустаах) 65 киилэҕэ эмиэ боруонса мэтээли ылары ситиһэр.

Уруккуттан мас тардыһыытынан дьарыктанар Мария Протопопова (2 Хомустаах) доруобуйатын туругуттан атахтанан 50 киилэ ыйааһыннаах дьахталларга 14 киһиттэн 8 миэстэ буолбут. Оттон 60 киилэлээхтэргэ Сахаяна Копырина спорт маастардарын кытта киирсэн, 17 кыттааччыттан 5-с миэстэ буолар уонна хамаандатыгар 5 очко аҕалар. Сахаяна Копырина – саҥа аат. Маастардарга биэс иһигэр олоруу ыарахаттардааҕын, куһаҕана суох көрдөрүү буоларын улууска мас-рестлинг үлэтигэр ылсыбыт Сергей Софронов бигэргэтэр.

Иккис күҥҥэ 18 спортсмен кыттыбыт. Күн үтүө түмүктээх буоларыгар, күүһүн ууран кыһыл көмүһүнэн саҕалыыр – аата аан дойдуга ааттанар, аар-саарга сураҕырар Анатолий Гладков (Ленскэй нэһилиэк) 75 кг ыйааһыннаах ветераннарга туох да мэлдьэҕэ суох утарсааччыларын эрэллээхтик 2:0 ахсаанынан хотуталыыр. Кыайыыга хардыы оҥорбут мадьыны Гладков суолунан Мария Рожина (1 Хомустаах) барар. Кини 75 киилэҕэ ветеран-дьахталларга иккис миэстэҕэ тахсар. Биир дойдулааҕын салгыы батыһар – Вера Чичигинарова (1 Хомустаах). Вера Чичигинарова 85 киилэҕэ дьахталларга боруонса мэтээли ылар. Маны ааттыыллара буолуо, помостка кыайыы-хотуу эйгэтин иҥэрии, спортсмен спортсмены илиититтэн сиэтэн сирдээһин. Күүстээх мадьыны Сардаана Осипова хомойуох иһин, 55 кг ыйааһыннаахтарга 6 миэстэ буолар уонна ахсааҥҥа 6 очкону биэрэр.

“Түһүлгэ иккис күн биһиэхэ Амманы кэннибитигэр хаалларар түгэни биэрбитэ. Ол эрээри, “мастаах” Амманы кыайар уустуктардаах, билиҥҥитэ. Холобура, хаачыстыбанан баһыйтаран 7-с да миэстэҕэ тэбиллэн хаалыахпытын эмиэ сөбө”, – диэн аһаҕастык билинэр Сергей Анатольевич.

Онуоха бэрт дьээбэлээх этии баар. Стадиоҥҥа дьоҥҥо-сэргэҕэ ааккын ааттатыаххын баҕараҕын? Оччоҕо сүүрүүгэ хара маҥнайгыттан күүскэ түһүнэн кэбис.

Мас-рестлиҥҥэ Күүстээх Дэһээккин кэриэһигэр ыытыллыбыт өрөспүбүлүкэтээҕи чемионат быһаарыылаах күнэ үүнэр. Тыҥааһыннаах, долгутуулаах, ыксатыылаах күн, дьэ, манна буолбут. Салалта эрэммит мадьыныта Денис Федоров (Граф Биэрэгэ) 125 киилэттэн үөһэлэргэ 3-с бочуоттаах миэстэҕэ тахсыбыт. Улахан ыйааһыҥҥа маннык көрдөрүү кэлбэтэҕэ ырааппыт буолуон сөп. Аны туран, үөрүүгэ үөрүүнү аҕалар – 2 Хомустаах баһылыга Лев Новгородов. Лев Николаевич 85 киилэҕэ ветераннарга эрийсиилээх киирсиилэр кэннилэриттэн, 17 киһиттэн боруонса мэтээли туура тутан ылар. Истибиккит дуо, хайа баһылык күрэхтэһиигэ аатыгар эрэ буолбакка, дойду туһугар өрөспүүбүлүкэҕэ кимиилээхтик киирсибитин?! Спорду өрө тутар баһылыктаах 2 Хомустаах нэһилиэгэ иннин диэки барар.

Сергей Софронов, улуустааҕы спорт управлениетын салайааччытын солбуйааччы:

Спортсменнар, бука бары көмө буолбуттар 4 күн устата дьиэлэриттэн тэйэн, Нам улууһун сүүмэрдэммит хамаандатыгар күүһү уурбуттарыгар, ис сүрэхтэриттэн ыалдьыбыттарыгар махтанабыт!

Ситиһии биир киһи үлэлэспититтэн эрэ кэлбэтин өссө биирдэ санатабын! Күрэхтэһии хаамыыта элбэҕи эрэйэр. Холобура, мадьыны киирээри турдаҕына күүстээх санааны үөскэтии, илбийии (массаж). Киһи манна ис туругуттан элбэх кыаҕын ыытар. Маны этэн тураммын, биһигинниин бииргэ буолбут Намнааҕы техникум преподавателигэр Леонид Соловьевка; кыргыттарга, уолаттарга мас албастарыгар сүбэ-ама биэрбит Наталья Старкованы чорботон; 1 Хомустаах мас-рестлинг тренеригэр Станислав Соловьевка; 2 Хомустаах тренеригэр Петр Уваровскайга; тоһоҕолоон бэлиэтиибит, спортсменнар дьарыктарын быспаттарыгар күүһүн уурар баһылык Лев Новгородовка; хамаанда үтүө түмүгү аҕаларыгар үлэлэспит, мас кистэлэҥнэригэр үөрэппит-такайбыт Нам улууһа киэн туттар мадьынытыгар Анатолий Гладковка, Хамаҕаттаттан Олег Барашковка махталбыт муҥура суох.

Хамаанда бириэмэтигэр хойутааһына суох биир ситимнээхтик тиийэригэр техниканан, ГСМ-нан хааччыйбыт Владимир Ядреев, Граф Биэрэгин оскуолатын дириэктэрэ Сергей Андреев, суоппар Михаил Новгородов көмөлөрүгэр махтанабыт. Бырааспыт, бэйэтэ мадьыны Мария Тимофеева үгүс көмөнү оҥорбутугар махтанабыт уонна биллэн турар, улууспут спордун салайааччытыгар Павел Ивановка барҕа махтал тылларын аныыбыт!

Урукку сылларга Нам улууһа дьахталлар ыйааһыннарыгар ыарахаттары көрсөн кэлбитэ. Билигин уларыйыы-тэлэрийии таҕыста. Бүк курдук эрэнэр Старкова Наталья Юрьевнабыт таһымын түһэрбэккэ салгыы үлэлииригэр толору эрэллээхпит. Уолаттарга тренер баар буоларыгар, мас күүскэ сайдарыгар үлэлэри тохтоло суох ыытабыт. Спортсменнарбыт дьарыктарын быспакка, бары биир сомоҕо буолан, түмсэн күүскэ дьарыктаналларыгар баҕа санаалаахпыт.

Мас-рестлиҥҥэ, мас тардыһыыга Эҥсиэли хочотуттан норуот билэр күүстээх мадьынылара оччоттон-баччаҕа диэри ааттаналлар: Николай Дьяконов, Евгений Иванов, Анатолий Гладков, Артем Варданян, Сардаана Осипова.

Тус бэйэм билэрбинэн, былырыын Нам улууһа мас-рестлиҥҥэ маннык көрдөрүүнү аҕалбытын истибэтэҕим. Мас-рестлиҥҥэ күүстээх уолаттар, кыргыттар бааллар. Саха сирэ биэс ааттаммыт мадьыныны билинэрин этэн туран, Наммыт улууһугар мас көрүҥүн сөргүттэхпитинэ, ситиһиини аҕала туруннахпытына табыллар! Аны билигин улууска мас-рестлинг сүнньүн буларыгар Анатолий Гладков хараҕын хатаата, ылыста. Ону тэҥэ, биһигини кытта Сергей Софронов баар!

Нам улууһугар аҕыйах хонугунан “Эҥсиэли хапсаҕайа” буолуоҕа. Хапсаҕайга өрө тардынар кэм эмиэ тирээн кэллэ. Хас да сыл кыайыы көтөллөммүт хапсаҕайдьыттарбытын солбуйуохтаах, ааты тутуохтаах бөҕөстөрү Оҕо спорт оскуолалара сүрүн тирэҕин уонна оҥкулун биэрэн үүннэрэн таһаарыахтаахтарын умнумуохха.

Спортсмеҥҥа ис санааҕыттан ыалдьар буоллаххына, киниэхэ биллибэт күүһү биэрэҕин. Ыалдьар киһи хайдах курдук күүстээх эйгэлээҕий да, оччонон күүһү ыыта, тиэрдэ олоруоҕа. Онон, намнар спортсменнар үрдүгү дабайалларыгар ыалдьыҥ, көмөлөһүҥ, күүстэ биэриҥ!

Нам улууһа түмсэ сатаатаҕына бары хайысхаҕа түмсэр улуус! Намнар бааргытын биллэриҥ уонна көрдөрүҥ!

Кыайыы уола Харысхан

Читайте дальше