Нам улууһа Олоҥхо ыһыаҕыттан дьоһун ситиһиилээх кэллэ

Аммаҕа икки күн устата ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа түмүктэннэ.
Нам улууһун талааннаах дьоно, оҕолоро, спортсменнара ыһыах күрэхтэригэр, куонкурустарыгар барытыгар кэриэтэ кытыннылар.

Бастыҥнарбыт ситиһиилэрэ манныктар:

Нам педколледжын преподавателэ Лариса Тавакалова туой оҥоһукка кулун атах культуратыттан көһүйэ охсон оҥорууга «Бастакы таһым» кыайыы чыпчаалын ылла.
«Намыына» туосчуттар түмсүүлэрэ — 3- үрдэл. Сал. СР, РФ норуотун маастара Т.А. Карамзина.
«Бастыҥ ыаҕайа» анал аат — В.Д. Баишева, «Төрүт уус түмсүү».

Туоска -2 с үрдэл Анастасия Петровна, Иван Васильевич Винокуровтар.

Саха быһаҕын оҥоруу күрэһигэр  Александр  Михайлов — 3-с үрдэл.

«Кылыһах кырыымпа» төрүт дорҕоон күрэҕэр:
Бөлөхтөргө «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө — Гран-при.
Биирдиилээн толорооччуларга Руслан Захаров — 2-с үрдэл, Мария Григорьева — 3-с үрдэл.
Хомуска Сахая Колодезникова — 2-с миэстэ.
Дэгэрэҥҥэ Ким Осипов — «Саҥа аат».
Тойукка Ирина Николаева — 3 үрдэл.
Чабырҕахха Партизантан «Сайбай»
фольклорнай ансаамбыл — «Хомоҕой тыллаах чабырҕахсыттар» анал аат. Сал. Альбина Алексеева.
Олоҥхоҕо НДШИ Хамаҕатта филиалын оҕолоро Новгородов Сандал, Сунтарова Анжелика —  «Кылыһахтаах ырыалаах» анал аат. Сал. Колодезникова Сахаайа Владимировна.
Олоҥхону бөлөҕүнэн толорооччуларга «Ай-тыл» бөлөх уонна Елена Руфова — «Уһун тыыннаах» анал аат. Сал. Вера Цыпандина.

«Кылыһах кырыымпа» төрүт дорҕоон күрэҕэр:
Бөлөхтөргө «Дорҕоон» төрүт дорҕоон бөлөҕө — Анна Ивановна Томская аатынан анал бириис.
,,Уран иэйии, ойуу дьарҕаа, талба талаан түһүлгэтэ» норуот уус-уран оҥоһуктарын күрэҕэ ( кыл- сиэл оҥоһуктар) — ,,Абылаҥнаах дьүһүйүү анал аат Колпашникова Вера Васильевна.
Улахан дьоҥҥо олоҥхо толоруу күрэһигэр Елена Руфова дьүүллүүр сүбэттэн — Махтал сурук.
,,Олоҥхо персонажтарын ырыата-тойуга» күөн күрэс — Сандр Находкин анал аат.
«Түөлбэ үгэһин утумнааччы» анал аат — Вера Цыпандина.
«Олоҥхо этиитин тэтимэ» анал аат — Елена Маркова.
«Уһун тыыннаах» анал аат — Яна Ньургусова. 1 Хомустаахтан чабырҕахха «Чугдаар» бөлөх сэргэхтик кыттан дьон сэҥээриитин ылла.
Кырыымпаҕа Сахаяна Орлова, Туйаара Петрова оҕолорго маастар- кылаас ыыттылар.
Кыайыылаах «Нам кылыһах» төрүт дорҕоон бөлөҕө Ил Түмэн түһүлгэтигэр ыҥырыллан оонньоотулар.


Николай Жирков салайааччылаах «Олох устун» тыыннаах доҕуһуол бөлөҕө ыһыах түүҥҥү программатын киэргэттэ, көрөөччүлэр үрдүк биһирэбиллэрин, сыанабылларын ылла. Бөлөх сэргэх ырыата күн тахсыар диэри Муона Чараҥа түһүлгэтигэр дуорайда.
Спортсменнарбыт:
Мас тардыһыыта-Анатолий Гладков 75 кг диэри — 3-с миэстэ.
Хапсаҕайга Захар Николаев, Петр Парников, Эдуард Максимов кытыннылар.
Дьахталларга мас тардыһыытыгар Вера Чичигинарова, Ньургуйаана Ядрихинская кииристилэр.
«Эр бэрдэ» национальнай элбэх көрүҥнээх күрэхтэһиигэ:
«Төрүт тустуу» муҥутуур кыайыылаах — Эдуард Максимов.
«Бэрэмэдэйдээх сүүрүүгэ» — 3-с миэстэ
Андрей Дьяконов.
Төрүт ох саанан ытыыга Афанасий Дьячковскай — 2-с миэстэ.
Нам улууһун делегациятын Алексей Винокуров, улуус депутаттарын сэбиэтин председателэ, Филипп Николаев, улуус баһылыгын солбуйааччыта салайан илдьэ сырыттылар.
Нам улууһун Амма Бөтүҥэ көрүстэ. Делегацияны транспорынан Хатырык, Хатыҥ Арыы, улуустааҕы култуура управлениетын автобустара хааччыйдылар.
Икки күн устата ыһыаҕы 15 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт, кыттааччы, тэрийээччи көрдө, 88 араас тэрээһин кыл да түгэнигэр тохтообокко ыытылынна.

«Эҥсиэли» хаһыат