Нам улууһугар аан маҥнайгытын спортивнай балыктааһын ыытылынна

Нам улууһун Граф Биэрэгэр спортивнай балыктааһыҥҥа улуустааҕы аһаҕас күрэхтэһии Саха сиригэр физическэй культура хамсааһына тэриллибитэ 100 сылыгар уонна Физкультурник күнүгэр ананан ыытылынна. Ол курдук, биһиги улууска Ленскэй нэһилиэк салалтата тэрийиитинэн спортивнай балыктааһыҥҥа күрэхтэһии аан маҥнайгытын ыытыллар.

Тэрийээччилэр балыктааһын саҕаланна диэттэрин тэҥинэн, 10 мүнүүтэ бириэмэ иһинэн Нам сэлиэнньэтин олохтооҕо Дария Жолдошева алыһар хаптарда. “Мин кэргэммин үтүктэн балыктаан саҕалаабытым аҕыйах сыл буолла. Бастакы кыттааһыммар маҥнайгынан балык хаптаран үөрдүм. Балык хабыам диэн эрэллээх этим”, – диир Дария Жолдошева.

Бүгүҥҥү күҥҥэ дьүөгэлэр, дьиэ кэргэттэр, оҕолор, аҕам саастаахтар бука бары мустубуттар. Ол курдук, быйылгыттан саҥа саҕалаабыт Большаков Айаал ийэтинээн Яна Егоровналыын эмиэ балыктыы кэлэ сылдьаллар. Оттон Намнааҕы бастакы нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ Никифорова Карина уонна Федорова Айгы сордоҥ хаптарар үөрүүтүн билээри килбэгир мэҥиэлээх күөгүлэрин сотору-сотору быраҕаллар. Карина аан маҥнай хайдах сордоҥ туппут, соһон таһаарбыт түгэнин, үөрүүтүн кэпсиир.

Нам улууһугар балыктааһыҥҥа күрэхтэһии буоларын доҕордоруттан истэн Дьокуускай куораттан Ольга, Руслан Садовниковтар уолаттарынаан кэлбиттэр.

“Балыктааһыны кэргэним Оля сэҥээрэр. Кинини балыктатаары диэххэ, устунан бэйэм ылларан үлүһүйэн саҕалаатым. Киһи балыктааһыҥҥа ыллардаҕына, тэринэн киирэн барар эбит. Холобура, биһиги дьиэ кэргэн номнуо, мотуор ылынан быйылгыттан күүстээхтик балыктаан саҕалаатыбыт. Сыл аайы Амма эбэҕэ балыктыыбыт, сынньанабыт.

Балыктааһыҥҥа күрэхтэһии диэтилэр да, үксүн муҥхалааһыҥҥа буолааччы. Оттон Намҥа, чуолаан спортивнай балыктааһыҥҥа күрэхтэһии оҥорбуттара, тэрийээччилэргэ хайҕал уонна махтал. Маннык тэрээһиннэргэ сылдьааһын сүрүнэ – кыайыыга дьулуур, оҕолору үөрэтии, дьон хайдах балыктыыр эбитий диэн уопут атастаһыы курдук холобурдар, үөрэтиилэр буолаллар дии саныыбын. Киһи астынар эрэ. Үөрүү, соһуйуу”, – диэн санаатын үллэстэр ыал аҕата Руслан.

Күрэхтэһии түмүгүнэн, оҕолорго бастакы миэстэ – Үөдэйтэн Иванов Сеня, иккис миэстэ – Намтан Сивцев Эрсан уонна үһүс – Мегина Аэлита (Нам). дьахталларга кыайыыны ылла – Үөдэйтэн Ньургуяна Иванова, иккис – Людмила Винокурова (Үөдэй) уонна үһүс – Намтан Арианна Гоголева. Эр дьоҥҥо бастакы – Намтан Юрий Сивцев, иккис – ыраах Мииринэйтэн Артур Акимов уонна үһүс – Александр Дьяконов (Нам). Ветеран балыксыттарга бастакы – Үөдэйтэн Владимир Федотов, иккис –Граф Биэрэгиттэн Павел Николаев. Үһүс миэстэҕэ тиксибиттэр 10 хонукка илиминэн уонна хатыыска балыктыырга сертификат туттулар, кыайыылаахтар сыаналаах бириистэринэн наҕарадааланнылар.

“Күрэхтэһиигэ уолбутун илдьэ үһүө буолан кэллибит. Аҕыс оҕобутуттан түөрт уолбут уонна икки кыыспыт балык диэн баран муннукка ытаабыт оҕолор. Биһигини балыктыырга төрөппүттэрбит үөрэппиттэрэ. Ити курдук оҕолорбутугар эмиэ тугу сатыырбытынан үөрэтэбит, бииргэ илдьэ сылдьабыт. Оҕолорбун барыларын да, балыктааһын тапталыгар үөрэттим. Бултуйбуппутуттан ас арааһын оҥоробут: бэрэски, кэтилиэт, бөрүөк уо.д.а.

Оттон кыһын муус аннынан балыктаабыппыт 10-15 сыл кэриҥэ буолла. Дьон “хайатын ордороруй” диэн интэриэһэргиэҕэ, муус аннынан балыктааһыны ордоробун. Тоҕо диэтэр, кыһынын балык күүтээһин, оһох оттооһун хаамыыта, барыта ураты угуйуулаах”, – диэн санаатын үллэстэр саамай улахан балыгы хаптарбыт Ньургуяна Иванова.

Бэлиэтээн эттэххэ, Намтан уол аҕатынаан – Эрсан, Юрий Сивцевтар; Үөдэйтэн уол ийэтинээн – Сеня, Ньургуяна Ивановтар кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Санаа күүһэ диэн тугун Юрий Сивцев көрдөрөр: күрэхтэһии бүтэрэ чаас аҥаара хаалбытыгар туга да суох Юрий тиһэҕэр тиийэ өсөһөн ыйааһыннаах сордоҥу уонна балыктары хаптаран балыктааһын хаамыытын тосту уларыппыта. Кыайыыны биир ыйааһыннаах балык быһаарбыта. Ону тэҥэ, бүгүн Үөдэй балыксыттара күннээтилэр.

“Дьүөгэлэр буолан үс оҕолоох сынньана, балыктыы кэллибит. Былырыын уу түспэккэ аҕыйахта балыктаабыт эбит буоллахпытына, бу сайын эбэбитигэр элбэхтэ сырыттыбыт. Үксүн Нам хотугу нэһилиэктэригэр барааччыбыт. Холобура, быйыл бастакыбын сордоҥ хабаммын балыктааһыҥҥа толору ылларбытым”, – диэн санааларын үллэстэллэр Ленскэй нэһилиэк кэрэ аҥардара.

Остап Куличкин, Ленскэй нэһилиэк спортинструктора:

Физкультурник күнүгэр 50 тахса кыттааччы спортивнай балыктааһыҥҥа кыттыыны ылла. Махтаныахпытын баҕарабын күрэхтэһиини өйөөбүт, күүс-көмө буолбут спонсордарбытыгар: Трофим Осиповка (“Теплогаз” маҕаһыын), Александр Изьюковка (“Туйаара” маҕаһыын), Александр Назаровка (“Дэлэй” маҕаһыын), Евгений Молчановка (“Нива+”), Егорв Жирковка (“СуНАМи”) уонна улуустааҕы булт түмсүүтүгэр (охотобщество).

Бэлиэ күнүнэн физкультурнай хамсааһын актыбыыстарын, спорт эйгэтигэр кылааттарын уурар дьону бука барыларын эҕэрдэлиибин!

Харысхан Попов

Читайте дальше