Нам улууһугар «Анимобиль» анимационнай студия бырайыага олоххо киирэр

Бырайыак Намнааҕы педагогическай колледж «Спектр» коммерческайа суох тэрилтэ нөҥүө олохтонор. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна правительствотын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

“2023 сылга биһиги бырайыакпыт СӨ Ил Дархана Айсен Николаев гранын кыайыылааҕынан буолбута. Бырайыакпыт сүрүн сыалынан улууспутугар 8-тан 17-гэр диэри саастаах инбэлиит уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор социальнай адаптацияларыгар көмөлөһүү буолар. Ол курдук, биһиги кинилэри анимация хайысхатыгар дьоҕурдарын сайыннарыахпыт, компьютерга үлэлииргэ, анимационнай роликтары устарга үөрэтиэхпит. Бу үлэбитигэр инклюзивнай үөрэх ньымаларын туттабыт”,– диэн бырайыак салайааччыта Миролюба Семенова кэпсээбит.

Бырайыак 2024 сыл бэс ыйыгар диэри үлэлиэҕэ, ол гынан баран номнуо үгүс үтүө түмүктэрдээх. Бырайыак бары кыттыылаахтара, ол иһигэр 10 устудьуон-волонтер, «Харысхал» аһымал фонда специалистарыттан инклюзивнай үөрэҕи ылбыттар.  Кыттааччыларыгар уонна улуус оскуолатын үөрэнээччилэригэр ойуулукка (мультипликация) маастар-кылаастар ыытыллыбыттар, наадалаах мал-сал атыыласпыттар.

“Ахсынньы 19 күнүгэр инбэлиит уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго Саҥа дьыллааҕы анимация дьаарбаҥкатын тэрийэбит. 2024 сыл тохсунньутуттан улуус нэһилиэктэригэр анимацияҕа уонна компьютерга үлэлииргэ сыһыаннаах көһө сылдьар уруоктары ыытар былааннаахпыт”, – диэн Миролюба Семенова үлэтин былааннарын билиһиннэрбит.

Мобильнай анимационнай студия үлэтин түмүгэр социальнай ис хоһоонноох ролик оҥоһуллуохтаах. Оҕолор роликтарын сүрэхтэниитэ Намнааҕы педагогическай колледжка буолуохтаах. Бырайыак бары кыттыылаахтара үөрэммиттэрин туоһулуур сертификаттары ылаллар. Бастыҥ роликтар олохтоох телеканалга уонна социальнай ситимнэргэ көрдөрүүгэ мэктиэлэниэхтэрэ. Оттон ойуулукка талааннаах оҕолор Намнааҕы педагогическай колледж  «Анимация» салаатыгар экзамена суох үөрэххэ киирэргэ сертификаттары тутуохтара.

Санатар буоллахха, 2023 сылга СӨ Ил Дарханын гранын куонкурустарын кыайыылаахтарынан 71 социальнай хайысхалаах коммерческайа суох тэрилтэ буолбут. Кыайыылаах бырайыактар уопсай үбүлээһиннэрин суумата 117 мөл. солк.  тэҥнэспит. Ол иһигэр региональнай бюджет суотуттан 68,8 мөл.солк., президент граннарын Фондатыттан эбии үбүлээһин суотугар — 48,4 мөл.солк. Куонкурус 16 хайысханан ыытыллыбыт.

Бэлэмнээтэ Лена Ноговицына

Читайте дальше