Нам улууһугар архитектура күнүн чэрчитинэн, муус устар 10 күнүгэр Саха сирин кылаабынай архитектора Любовь Папок салайааччылаах бөлөх үлэлээтэ.
Бөлөх Хатырык, Хатыҥ Арыы, Ленскэй нэһилиэктэргэ сырытта, баһылыктары кытта көрсөн кэпсэттилэр.
Кэккэ сылларга Нам улууһун нэһилиэктэрэ сөптөөх программаларга киирэннэр үгүс былаһааккалары, дьон сынньанарыгар аналлаах миэстэлэри, нэһилиэктэри киэргэтэр тутуулары ыыппыттара бэлиэтэннэ. Холобура, Үөдэй, 1 Хомустаах “1000 дворов на Дальнем Востоке” программанан мини-пааркалары олоххо киллэрбиттэрэ. Бөдөҥ тутуулар Ленскэй нэһилиэккэ уонна Хатыҥ Арыыга барбыттара. Нам сэлиэнньэтигэр М.К. Аммосов аатынан Набережнай. Оттон Аппааныга Мавра күөлүгэр Набережнай.
“Дьон дуоһуйа сынньанарыгар тупсаҕай көстүүлээх пааркалар, былаһааккалар күнтэн-күн айылҕа ыраас матырыйаалынан (кумах, таас, о.д.а) тутуллан тахсарын ирдииллэр. Ону таһынан, уопсастыбаннай сирдэргэ нэһилиэнньэни кытта үлэлэһэр үгүс тэрилтэ специалистара кэлэр буоллулар. Холобура, киин куораттарга социальнай харалта дьону күүппэккэ, бэйэтинэн тиийэр. Култуура үлэһиттэрэ элбэх киһи мустар сиригэр тиийэн тэрээһиннэри ыытар. Онон сотору маннык хамсаныы биһиги да Сахабыт сиригэр кэлиэҕэ”, – диир кылаабынай архитектор Любовь Папок.
Нам улууһун нэһилиэктэригэр туһалаах уонна тупсаҕай тутуулар үксэ кылаабынай архитекторынан ананан үлэлээбит Ирина Алексеева салалтатынан, кини көрүүтүнэн-истиитинэн ыытыллыбыттара. Бу да сырыыга уопуттаах Ирина Дмитриевна олоххо киириэхтээх пааркалары, мини-пааркалары хайдах быһыылаахтык туттарары сүбэлээтэ.
Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы библиотекаҕа архитектордар бөлөхтөрүн кытта көрсүһүүгэ, Ленскэй нэһилиэк, Хамаҕатта, Хатырык, Модут, Партизан, Хатыҥ Арыы, 1 Хомустаах, 2 Хомустаах, Искра баһылыктара санаа атастаһан, интэриэһиргиир ыйытыыларыгар хоруй ыллылар. Модут баһылыга Ефим Гоголев сынньалаҥы, спорду ситимниир былаһаакканы олоххо киллэттэрэр үлэни ыыта сылдьарын билиһиннэрдэ уонна тустаах үлэһиттэр сүбэлэрин-амаларын ылынна. Оттон Партизан баһылыга Алексей Зырянов нэһилиэгэр Мыымах кыбаартал арыллаары турарынан, микрооройуон ыалларын тэлгэһэлэрэ, кырыыһалара биир өҥнөөх, мөссүөннээх буолуохтааҕын хайдах ситиһиэххэ сөбүн туоһуласта. Баһылык Алексей Николаевич быйыл көһүөхтээх дьиэ кэргэттэри кытта көрсөн сүбэ мунньах оҥорбуттарын, санаа истибиттэрин эттэ. Сири туһаныы быраабылатыгар уларытыы киллэрдэххэ уонна Киин компетенцияҕа дизайн оҥоттордоххо олоххо киирэрэ этиллэр.
Улууспут киинэ Ленскэй нэһилиэккэ тохтоотоххо, баһылык Петр Сокольников бүгүҥҥү Набережнайга күннэтэ үгүс дьон, ыал кэлэн сибиэһэй салгынынан тыынарын, сынньанан барарын этэр. Ону тэҥэ, намнар бэлиэ күммүтүн барытын кэриэтэ Набережнайбытыгар тоҕуоруһа мустан ыытар буолбуппут элбэҕи этэр, өссө да кэрэҕэ талаһыыны кэрэһэлиир бэлиэнэн буола турдун. Бүгүҥҥү күҥҥэ, киэн туттар Набережнайбыт кэҥэтиллэригэр үлэлэр ыытылла туралларын Петр Григорьевич бигэргэттэ.
Бу күн оскуола үөрэнээччилэрэ Кыайыы скверин бэйэлэрин харахтарынан хайдах көрөллөрүн кэпсээн билиһиннэрдилэр. Нам улууһун архитектора Анна-Мария Степанова сквер Кыайыыны уһансыбыт биир дойдулаахтарбытын кэпсиэхтээҕин, оттон аҥаара сынньанарга сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээҕин былаанныыр.
Нам сайдар. Сэлиэнньэ соҕуруу өттүгэр саҥа таас дьиэлэргэ эдэр ыаллар олохсуйаллар. Былаан маннык: дьон-сэргэ үөрэх кыһаларын эйгэтинэн тыынар уулуссанан кэлэннэр, тупсарыллыбыт Доҕордоһуу болуоссатыгар толору сынньалаҥы ылыахтара. Салгыы олохтоохтор Илья Винокуров аат. уулусса устун элбэҕи эргитэ саныылларыгар, толкуйдуулларыгар кыаҕы биэриэхтээх. Тоҕо диэтэр, уулусса дьоҥҥо элбэх үтүөнү оҥорбут бөдөҥ биллэр политическай деятель Илья Винокуров аатын сүгэр. Кини массыына сырыытын тохтотон, аны өрөспүүбүлүкэни төрүттээбит Максим Аммосов болуоссатыгар, Набережнайыгар сирдиэҕэ.
“Наммытыгар саҥа тутуллубут сирдэр бары ситимнээх буолуохтаахтар. Бүгүн архитектура управлениета уонна киин компетенция Хатырык, Аппааны, Нам ыытар үлэлэрин кытта билистилэр. Тутуу ыыталларыгар архитектура управлениетын кытта ыкса сибээс олохтуулларыгар, биллэрэллэригэр ыҥырдылар.
Архитектура үлэһиттэрэ дьон тоҕуоруһа мустар сирдэригэр урбаан уонна култуура эйгэтин кытта ыкса ситимнээх үлэ суолталаах буолуоҕун ыйдылар.
Баһылыктар архитектордары кытта чугастык үлэлиир буолбуттарын сэргээтилэр уонна махтаннылар”, – диир улуус кылаабынай архитектора Анна-Мария Степанова.
Харысхан Попов