Нам улууһугар быыбарга эдэрдэр кытталлара бэлиэтэнэр

Намнааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Николай Парников иһитиннэрбитинэн, биир кэлим быыбар иккис күнүн, балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи 19:35 чаастааҕы туругунан, бастакы күнү холбоон, улуус үрдүнэн барыта 7 198 киһи куоластаабыт, испииһэккэ 15 772 быыбардааччы баарыттан 45,64 % тэҥнэспит.

«Ырытыы көрдөрөрүнэн улууспут олохтоохторо бу иннинээҕи быыбардарга кыттыыта, ортотунан, 60 % тэҥнэһэр. Итинтэн сиэттэрэн эттэххэ, үс күҥҥэ куоластааһын бу курдук тэтимнээхтик бардаҕына, урукку кирбиини ыламмыт, куоһарыахпытын наада. Быыбарга дьон, аҕам саастаах кырдьаҕастар, ордук хото эдэр ыччат көхтөөхтүк кыттара бэлиэтэнэр. 18 саастарын туолбут бастакытын куоластыыр эдэрдэргэ быыбардыыр хамыыһыйаларга уруучука бэлэх туттараллара үтүө өйдөбүлү хаалларыа.

Нэһилиэнньэ бу ураты суолталаах биир кэлим быыбарга өссө көхтөөхтүк кыттан, оруннаахтык быһаарынан өрөспүүбүлүкэбит, улууспут, нэһилиэктэрбит инники дьылҕалаларыгар, сайдыыларыгар быһаччы үлэлэһиэхтээх дьоһун кандидаттары сөптөөхтүк талалларыгар эрэллээхпит. Онон улууспут үрдүнэн үчүгэй көрдөрүүнү ситиһэргэ дьулуһабыт», — диир Николай Григорьевич.

Намнааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйаҕа бэлиэтээбиттэринэн, билиҥҥи туругунан куоластааһын түмүгүнэн быыбардааччылар испииһэктэриттэн 50 %-наах кирбиини ылбыттар: 341 №-дээх Искра  – 66 киһи куоластаабыт, 51,16 % тэҥнэспит, 344 №-дээх Кыһыл Дэриэбинэ — 95/53,37%, 339 №-дээх Салбаҥ – 101/53,44%, 340 №-дээх Таастаах — 105/54,12%, 350 №-дээх «Педколледж» — 502/56,60%,  349 №-дээх Түбэ – 157/56,68%, 336 №-дээх Арбын – 102/59,65%, 333 №-дээх Никольскай – 191/61,41% уонна ити учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар үрдүк көрдөрүүлэммиттэр.

Касьян Олесов-Олук

Читайте дальше