Нам улууһугар чөлүгэр түһэрии үлэлэр саҕаланнылар

Нам улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Анатолий Павлов дьаһалта пресс-киинигэр иһитиннэрбитинэн:

— Бүгүн Нам улууһугар СӨ правительствотын председателин бастакы солбуйааччыта  Дмитрий Садовников үлэлии кэллэ.

Ыам ыйын 20 күнүн туругунан Нам улуһугар Өлүөнэ эбэ уута кыралаан түһэр, муус алын тардыыта Кэбээйи улууһугар тиийдэ. Халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэлээх пууннарга чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ саҕаланнылар, уопсайа 60-тан тахса улахан кыамталаах техника үлэлиир. Сүрүн күүс Хатырыкка диэри айанныыр суолу чөлүгэр түһэриигэ ууруллар. Хамаҕатта, Нам, Аппааны, Граф Биэрэгэ, Бөтүҥ, Модут нэһилиэктэригэр техникалар үлэлииллэр.

Үөдэй нэһилиэгэ, Екатерина Эверстова тиксэриитэ

Билигин нэһилиэктэргэ хоромньуну ааҕыы үлэтэ саҕаланна. Гуманитарнай көмө тохтоло суох киирэ турар.  Билиҥҥи туругунан, эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэҕэ сылаас таҥас-сап, дьиэни сууйар тэрил, дезинфекциялыыр бытовой химия ордук наадалаах.

СӨ Доруобуйа харыстабылын министерствота Нам улууһугар “гепатит А” утары вакцинаны ыытта диэн Намнааҕы Роспотребнадзор иһитиннэрдэ. Ууттан эмсэҕэлээбит олохтоохторго “гепатит А” вакцинатын босхо туруоруохтара.

«Эҥсиэли» хаһыат

Хаартыска: НВК «Саха»

Читайте дальше