Нам улууһугар “Эверест” ХЭТ бирииһигэр волейболга күрэхтэһии буолуоҕа

Нам сэлиэнньэтигэр аҕыйах хонугунан Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Нам улуустарын, Дьокуускай куорат, Максим Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет кыргыттара волейбол оонньуутугар күөн көрсүөхтэрэ. Онтон кулун тутар бүтэһик күннэригэр эр дьон күрэхтэһэрэ былааннанар.

Икки күн устата бириистээх миэстэлэргэ тахсыбыт хамаандалар сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара. Ону тэҥэ, бастыҥ оонньооччулар анал ааттарынан, харчынан бириэмийэлэниэхтэрэ. Күрэхтэһии бирииһин уопсай фондата 100 тыһ. солкуобайга тэҥнэһэр.

“Олунньу 23-24 күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи волейбол оонньуутун көрүөхпүт. Күрэхтэһии тыҥааһыннаахтык, өрө күүрүүлээхтик буолара күүтүллэр. Волейбол көрүҥүн өйүүр, өйөбүл буолар, көрүҥмүтүн киэҥ араҥаҕа тарҕатар үлэлэри ыытарын иһин, “Эверест” тэрилтэ салайааччыта Виталий Евсеевкэ махтанабыт”, – диир Нам улууһун волейболга федерациятын толорооччу дириэктэрэ Геннадий Павлов.

Харысхан Попов

Читайте дальше