Нам улууһун олохтоох дьаһалтатын дьиэтигэр улуус хоту нэһилиэктэригэр гуманитарнай көмө хомуура салҕанар. Намҥа хас да сиринэн хомуур сирэ үлэлиирэ бэлиэтэнэр.
“Нам хоту нэһилиэктэригэр көмө оҥоһулла буола турар. Халаан уутугар түбэспиттэргэ саамай наадалаах маллары, бородуукталары ыытарбыт таһынан, нэһилиэнньэҕэ эмп-томп ыыта олоробут”, – диир “Мин биисинэһим” киин сэбиэдиссэйэ Марфа Тарабукина.
Халаан уутуттан дьиэлэрэ эмсэҕэлээбиттэргэ билигин саҥа дьиэҕэ сөптөөх ичигэс таҥас-сап, хаһаайыстыба сөптөөх мал-сал, уу оботторор помпалар наадалара этиллэр. Ону тэҥэ, ыарахан кэмҥэ күүс-көмө буолар биир дойдулаахтарбыт, Нам дьоно-сэргэтэ харчынан көмө оҥороллоро буоллар диэн баҕа санаа этиллэр. Халаан уута ааспытын кэнниттэн, дьиэни сууйар-сотор мал туохтааҕар да наада буолара өйдөнөр.
Көмөҕө наадыйааччыларга “Биир ньыгыл Россия” баартыйаны ааҕан туран, улуустааҕы олохтоох дьаһалтаҕа 2 мөл тахса суумаҕа тэҥнэһэр көмө киирэн турар. Ол курдук, хомуур саҕаламмыт күнүттэн 1 мөл суумалаах көмө Маймаҕа уонна Хатырык нэһилиэктэригэр бэҕэһээ ыытыллан турар.
Ньургун Тимофеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэл спорт оскуолатыгар нэһилиэктэр, тэрилтэлэр, түмсүүлэр, бэйэлэрин баҕаларынан көмөлөһөөччүлэр киһи аан маҥнай туттар малын-салын тиэрдэллэр. Санаттахха, КСК дьиэтэ ПВР буолан турара этиллибитэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ ПВР-га Хатырыктан алта киһи кэлэн олорор.
“Биһиэхэ бэҕэһээ Хамаҕатта орто оскуолата, тэрилтэлэр итии аһылык ыыппыттарын тута хоту нэһилиэктэргэ утаарбыппыт. Бэлиэтээн эттэххэ, итии аһылыгы Роспотребнадзор ирдэбилигэр эппиэттиир тэрилтэлэр аҕалбыттара. Айсен Жерготов волейболист оҕолоро, төрөппүттэрэ Дьокуускай куораттан утуйар таҥас, матараас киһи аан маҥнайгынан туттар малларын ыыппыттара. Ону тэҥэ, бүгүн сэлиэнньэ түөлбэлэрэ көмө тиэрдиэхтээхтэрин эттилэр.
Бородууктаны таһынан, бороһуок, гаас баллонун, плиталары, онтон да атын дьиэҕэ, хаһаайыстыбаҕа сөптөөх маллары туттараллар. КСК-ҕа түмүллүбүт гуманитарнай көмө улуустааҕы дьаһалта дьиэтин нөҥүө барар”, – диир Олимпийскай эрэл спорт оскуолатын методиһа Любомира Овчинникова.
Харысхан Попов