Нам улууһугар халаан уутуттан 14 урбаанньыт эмсэҕэлээтэ

Нам улууһугар халаан уутуттан 14 урбаанньыт уонна 2 бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы эмсэҕэлээтэ. Ол курдук, оҥорон таһаарыы, туризм хайысхаларыгар үлэлиир урбаанньыттар дьиэлэрэ уонна маҕаһыыннар ууга барбыттарын “Мой бизнес” киин сэбиэдиссэйэ Марфа Тарабукина этэр.

“Урбаанньыттар чааһынай дьиэлэрин кытта биисинэстэрэ, маллара-саллара ууга былдьаннылар.
СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризм сайдыытын министерствота, СӨ урбаан сайдыытын фондата бэйэлэрин өттүллэриттэн туох көмө көрүллүөхтээҕин торумнууллар”, – диир Марфа Семеновна.

Бүгүҥҥү күҥҥэ ууттан эмсэҕэлээбит урбаанньыттары испиэһэккэ суруйан СӨ урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризм сайдыытын министерствотыгар ыыппыттарын сэбиэдиссэй Марфа Семеновна чопчулуур. Улуустааҕы урбаан координационнай сэбиэтэ уустук балаһыанньаҕа түбэспит урбаанньыттарга туох көмө көрүллүөн сөбүгэр тустаах министерстволарга сурук суруйбут. Ону тэҥэ, барыллаан хоромньу суумата оҥоһуллар.

Харысхан Попов

Читайте дальше