Күһүн сахаларга уйгу-быйаҥ кэмэ, сир аһа ситэн, оҕуруот аһын арааһын хомуйан быйаҥ кэмэ буолар. Ол иһин да, өбүгэлэрбит «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан» диэн бэргэн өс хоһооно уос номоҕо буолан сылдьар.
Нам улууһугар «Саха», «Росток» ТХПК-лар, МТС «Агро» СПОК, итиэннэ бааһынай хаһаайыстыба уонна предприниматель быһыытынан уопсайа 21 хаһаайыстыба хортуоппуйу, оҕуруот аһын олордуунан дьарыктанар.
Улууспутугар бу саас 435,9 га бааһынаҕа хортуоппуй, 89,9 гаҕа оҕуруот аһын олордубуттара: хаппыыста – 26,7 га, моркуоп – 34,6 га, сүбүөкүлэ – 21,6 га.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи иһитиннэриитинэн, кэккэ хаһаайыстыбалар хомуур үлэтин саҕалаабыттар.
Бөтүҥҥэ Михаил Сивцев хортуоппуйун 1,5, сүбүөкүлэтин 1 гектартан хостоото. Киниэхэ хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин таһынан дуогабарынан Арктикатааҕы государственнай агротехнологическай университет (АГАТУ) 10 студена күүс-көмө буолаллар. Григорий Уваровскайга үлэһиттэрэ уонна 8 студент көмөлөһөннөр 5 гаттан хортуоппуй хостоотулар. Хамаҕаттаҕа Александр Жирков хортуоппуйун 5 га сиртэн хостоото, АГАТУ-тан 5 студент, Намнааҕы гимназияттан 30 үөрэнээччи үлэлээтилэр. Инникитин ХСФЛ үөрэнээччилэрэ көмөҕө тахсарга бэлэмнэр.
Онтон атыттар күн-дьыл туран биэрдэр маассабай хомууру саҕалыырга бэлэмнэр. Хас биирдии хаһаайыстыбаҕа АГАТУ студеннара уонна нэһилиэктэрин оскуолатын үөрэнээччилэрэ көмөлөһүөхтэрэ, — диэн улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын начальнигын солбуйааччы Юрий Петров үлэ хаамыытын билиһиннэрдэ.
Дьыл бу кэмигэр оҕуруот аһа үүнэн, сир аһа ситэн – туох барыта элбэх, дэлэй. Көмүс күһүн күннэрин баттаһа кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ күөстүү оргуйар.
Семен Аргунов