Нам улууһугар олунньу 29 күнүгэр «Здоровье нации-ответственность каждого» диэн СӨ национальнай доруобуйа күнүн чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи форум буолан ааста.
Намҥа, Аппааныга, Хамаҕаттаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа мед.профилактикатын общественнай киин, СПИД-киин, тирии-венерологическай диспансер уонна Намнааҕы киин балыыһа быраастара, специалистара кыттыылаах «ЗОЖ — путь к здоровому долголетию» диэн акциялар ыытылыннылар. Нэһилиэктэргэ барыта 998 киһи көрдөрүммүт. Маны таһынан, форум үөрэтэр чааһыгар 784 үөрэнээччи, устудьуон кыттыбыт.
Медик-волонтердар, «Кыһыл Кириэс» специалистара, «Общее дело» ХЭТ доброволецтара, «Штаб студенческих отрядов СВФУ» устудьуоннара кыттыылаах квест оонньуулар, викториналар, интерактивнай лекциялар ыытыллыбыттар. Маны тэҥэ, «Здоровье нации – ответственность каждого!» диэн төгүрүк остуол буолбут, манна улуус общественноһа, нэһилиэк баһылыктара кыттыыны ылбыттар.
***
Ааспыт нэдиэлэҕэ Намнааҕы киин балыыһа «Диагностика» уонна Амматтан
«Флюмамм» мед. комплекстар 11 нэһилиэккэ сылдьыбыттар. Барыта 851 киһи ФЛГ-га түспүт. Бу туһунан Намнааҕы киин балыыһа телеграм-канала суруйда.
Лена Ноговицына