Нам улууһугар от былаана 75,353% туолла

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын атырдьах ыйын 7 күнүнээҕи иһитиннэриитинэн, улуус үрдүнэн 544 звено, ол иһиттэн 317 – механизированнай, 208 – механизированнай аҥардаах, 1 – ат көлөнөн, 18 – илиинэн) уопсайа, 1006 киһи 653 техниканы туһанан оттууллар. Ааспыт нэдиэлэтээҕи сводканы ылан көрдөххө, от хампаанньата эбиллибит.

Күн-дьыл туран биэрэн от үлэтигэр күргүөмнээхтэр. Ол курдук, барыта 14511,500 гектар иэннээх ходуһа охсуллубутуттан, 21783,700 туонна от бэлэмнэниллибит. Онон былааны толоруу 75,353% буолбут. Кэнники сыллардааҕар хаһааҥҥытааҕар да тэтимнээхтик иһэбит.

Халлаан туран биэрэн уонна оттуурга анаан техника арааһа баар буолан 4 нэһилиэк былаанын куоһарда. Ол курдук, көбөкөннөр — 115,263%, никольскайдар — 108,663%, түбэлэр — 125,384%, маймаҕалар — 104,061% толорон кыстыкка бэлэм буоллулар.

Онтон кэккэ нэһилиэктэр отторун былааннарын төһөтө туолбутун ылан көрдөххө: Арбын – 80,808%; Бөтүҥ – 55,581%; Үөдэй – 73,223%; Искра – 89,467%; Ленскэй – 46,552%; Модут – 77,608%; Партизан – 84,211%; Салбаҥ – 96,323%; Таастаах – 41,043%; Фрунзе – 82,166%; Хамаҕатта – 50,766%; Хатыҥ Арыы – 79,501%; Хатырык – 69,142%; 1 Хомустаах – 60,403%; 2 Хомустаах – 59,932%. Бу нэдиэлэҕэ халлаан туруга үчүгэй, онон «сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар» диэбиттии, отчуттар күүскэ түһүммүт буолуохтаахтар.

Семен АРГУНОВ