Нам улууһугар ритуальнай өҥө салаата аһылынна

Нам улууһугар Олег Акилов уонна Семен Кириллин “Харон” диэн ритуальнай өҥө үлэтин саҕалаатылар. Нэһилиэнньэҕэ оҥоһуллар өҥө, билиҥҥитэ, сүрүннээн илдьии-аҕалыы салаатыгар үлэлиирин Олег Акилов этэр.

“Киһи куһаҕан буолла да, тута Дьокуускайга экспертизаҕа киллэрэллэр. Кырдьыга, нэһилиэнньэ манна ыарахаттары көрсөрө баар суол. Ол иһин, табаарыспынаан санаабытын холбоон, өҥө тэринэргэ быһаарынныбыт”, – диир Олег Акилов.

Нэһилиэнньэҕэ наадалааҕынан сыаналанар ритуальнай өҥөннөн ыллыҥ да дьарыктаммаккын. Улуустарга маннык үлэҕэ ылсааччылар дэҥҥэ көстөллөр, аҕыйахтар. Оттон сорохторго төрүт да суох. Истэргэ ыарахан эрээри, биһиги бары олох олоробут. Холобура, хоту улуустарга өҥө оҥорооччулар үлэлэрин тохтотон кэбиспиттэригэр олохтоохтор эрэйи, уустуктары көрсүбүттэрин билэн, көрөн турардаахпын.

Нам улууһугар сүтүктээхтэр чугас киһилэрин илдьиигэ-аҕалыыга бу соҕотох өҥө буолуоҕа. Салгыы, өҥөнөн туһанааччылар толору массыынаны ылар буоллахтарына, өлбүттээҕи Дьокуускайга илдьэн аҕалбыттарын кэнниттэн, дьиэтиттэн кылабыыһаҕа диэри босхо тиэрдиэхтэрэ.

“Бу эйгэҕэ ааспыт сылга үлэлэһэ сылдьыбыппыт. Улууспут нэһилиэктэрин барытын хабан үлэлииргэ бэлэммит. Төлөбүрэ нэһилиэгиттэн эмиэ тутулуктаах буолуоҕа”, – диир тэрийээччи Олег Акилов.

Харысхан Попов