Нам улууһугар саха төрүт дорҕооно тэнийэр

П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтэ Нам олохтоохторугар М.К. Аммосов аат. култуура дыбарыаһыгар “Төрүт дорҕоон ыллыгынан” диэн тыыннаах дорҕооннору таһаарар, кырыымпа, күпсүүр дьикти тыастарын иһитиннэрэр кэнсиэри бэлэх уунна. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев укааһынан олоҥхо дьиэлэрэ биир ситимҥэ киирбиттэрэ, үлэ түмүллэн күүскэ хамсааһын тахсыбыта көстөр.

Олоҥхо дьиэтэ быйыл үбүлүөйдээх 10 сылын бэлиэтииринэн, тэрилтэ сүрүн болҕомтотун үлэһиттэрин талааннарыгар, айар-тутар үлэлэригэр уурда. Ол курдук, олоҥхолор 2024 сылы Ирина Неустроева айар киэһэтиттэн саҕалаабыттара. Мантан саас айар куттаахтар дьону Римма Татаринова кэнсиэригэр күүтэллэр.

Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, ситимнэнэн кэлэр кистэлэҥнэри арыйбыт уонна тарҕаппыт, тарҕатар сахалар элбэхтэр. Онтон биирдэстэрин, саха төрүт доҕоонун хаттаан эргитэн сөргүппүт Сандр Находкины билинэбит. “Төрүт дорҕоон ыллыгынан” кэнсиэр Нам улууһугар саха төрүт дорҕооннорун таһаарар инструменнарын, кырыымпаны, күпсүүрү бастакынан тарҕатан саҕалаабыт Сандр Находкиҥҥа ананарын салайааччы Вера Колпашникова этэр. Сандр Находкиҥҥа тэрилтэтэ күүс-көмө буолбутун таһынан, бэйэтин талаанын Руслан Захаров холбообутун бэлиэтиибит. Ыллын да, таптаабыккынан тыаһы-ууһу таһаарбытынан барбаккын. Холобура, хайа киһи сылгы сиэлинэн өрүллүбүт инструменынан матыып таһаарыай.

  • Ырыа куттаах Находкиннарудьуор утума, дьиэ кэргэн идэтэ дэтэр халыҥ аймах. Сандр Александрович хаан аймахтара Екатерина Заболоцкая (“Туой-иһит”), Степан Находкин (“Дорҕоон”), Оксана Кудрина (“Түһүлгэ”, “Иэмэх”) төрүт култуураны тарҕатарга күүстэрин уурар фольклор ансаамбылларын салайааччылара. Өссө төгүл, Сандр Находкин Нам улууһугар төрүт дорҕоону күүскэ ааттатта диэн өрө тутабыт. 2018-19 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ “Өбүгэ быстыбат ситимэ” күрэххэ “Эр тыына” ансаамбылынан кыайыылаах ааты ылбыта.

Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ сатыыллара элбэҕин тыыннаах дорҕоону уонна саха төрүт култууратын сэргээччилэргэ көрдөрөн дакаастыыллар. Холобура, “Алантай Боотур” олоҥхо дьүһүйүүгэ Владимир Сыромятников абааһы уолун Орулуур уот моҕой, тимир суодабыллаан оруолун толорбутун элбэх көрөөччү билбэтэх буолуохтаах.

Кэнсиэргэ төрүт култуураны өрө тутааччылар саха омук түөрт кэмин дьүһүйдүлэр. Ол курдук, кыһыҥҥы кэми Е.М. Шапошников аатынан оскуола үөрэнээччилэрэ “Туой-иһит”, Сандр Находкин “Тымныы оҕуһа” ырыанан көрдөрдүлэр. Дойдуга Сандал саас кэлбитин Намнааҕы бастакы нүөмэрдээх оскуолаттан “Күн бытархайа” ансаамбыл, төрөппүттэр “Оҕо-оҕо эрдэххэ”, Хамаҕаттаттан “Иэмэх”, “Түһүлгэ” биллэрэллэр. Сайын кэрэтин Аан дойдутааҕы “Планета искусств” фестиваль кыайыылааҕа “Эдэр тэтим” ансаамбыл (сал. Сандр Находкин), Владимир Кудрин ырыанан, “Дорҕоон” ансаамбыл туоһулууллар. Хос тыас-уус таһаарбакка, ылламмыт ырыалары барытын өрөспүүбүлүкэ күрэхтэрин кыайыылаахтара, бастыҥнара Андрей Осипов, Руслан Захаров кыттыылаах тыыннаах дорҕоону таһаарар ансаамбыллар матыыптаатылар.

Көрөөччүнэн сыаналаатахха, тус бэйэм истиҥ кэнсиэри норуот махтанаммытынан, өрө көтөҕүллүбүтүнэн ааҕабын. Дьоро киэһэҕэ кырыымпа, күпсүүр, саха инструменнарын тыаһыттан-ууһуттан дуоһуйууну ылар, манныкка дьиҥ чахчы дууһалара ыҥырар дьон кэлбитин тоһоҕолоон этэбин. Салалтаттан Ленскэй нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Тимофей Охлопков кыттыыны ылбыт бастыҥ төрүт дорҕоон ансаамбылларга, иһирэх тэрээһиҥҥэ кыралыын улаханныын кылааттарын уурбуттарга махтанна.

Санаалар:

Вера Васильевна махтанабыт. Тыыннаах дорҕоону истэр наһаа астык эбит. Ис дууһалыын арыллан, астына иһиттим, тэҥҥэ ылластыбыт. Саамай үөрбүтүм бары эдэрдэр: оҕолор, ыччат, бука бары маладьыастар. Кэрэ сырдык кэнсиэри бэлэхтээбиккитигэр махтанабыт! Элбэхтэн элбэх ситиһиилэри, сайдан иһиҥ!

Ураты сахалыы тыыннаах кэнсиэр буолла. Оскуола оголоро олус үчүгэйдик толордулар, нүөмэр барыта киһини өрө көтөҕөр, үөрдэр.

Тэрээһин 1-кы чааһыгар олонхо көрдүбүт, иһиттибит. Улахан артыыстартан туох да итэҕэһэ суох, сыралаах үлэттэн тахсыбыт, чочуллубут. Онтон төрүт дорҕоон алыбар уйдаран былыргы олоххо киирэн тахсар курдук буолар эбиккин. Хараххар ойуулаан көрөҕүн. Астына дуоһуйдубут, сынньанныбыт.

Вера Васильевна, олус үчүгэй бырайыагы олоххо киллэрбиккит. Чахчы да элбэх үлэттэн тахсар ураты тыыннаах кэнсиэр, чахчы да кырыымпа дьикти ырыатын сэргии иһиттибит. Сандр Находкин-Сандаар куолаһа чөллөркөйө, Саарын ыллыыр ырыатын бэркэ да ыллаата! Сандаар ыллыыр кэмигэр харахпын куоттарбакка толору киирэн видеоҕа да устубакка көрөн олорбут эбиппин. Эдэр дьон талааннара алмаас таастыы өссө да чочуллан, сайдан истиҥ. Сахаларын сирин аар-саарга аатырда турдуннар!

Харысхан Попов