Нам улууһугар кэнники сылларга тутуу олус күүстээх тэтиминэн барда. Чуолаан, биэс сылы анааран көрүөххэ:
Үгүс федеральнай уонна региональнай программанан, национальнай бырайыактарынан улууспут киинигэр, нэһилиэктэригэр элбэх тутуу үлэтэ ыытыллар.
2018-2023 сс. биһиги улууспутугар федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна олохтоох бюджетыттан үбүлэнэн, социальнай суолталаах үгүс тутуу үлэҕэ киирдэ, салгыы тутулла да тураллар. Ол курдук, сылларынан ылан көрөр эбит буоллахха:
2018 с. — «Мин Сахам сирэ — XXI-с үйэҕэ» үтүө дьыала программатынан Модукка 50 миэстэлээх «Кэнчээри» оҕо саада; Кыһыл Дэриэбинэҕэ 2013 с. саҕалаан үтүө дьыала программатыгар киирэн, сылын аайы үбүлэнэн элбэх функцияны толорор киин уонна доруобуйа харыстабылын салаатынан фельдшерскэй-акушерскай пуун үлэҕэ киирбиттэрэ.
2019 с. — «Демография» национальнай бырайыагынан үбүлэнэн, Нам селотугар 98 миэстэлээх 1 №-дээх оҕо саада кэнчээри ыччакка аанын тэлэччи аспыта; Ат спордун өйүүр, сайыннарар сыаллаах улуус киин нэһилиэгэр «Куонда Кириэс» ипподрому СӨ бюджетыттан үбүлээн саҥардан биэрбиттэрэ.
2020 с. — Салбаҥҥа «Доруобуйа» национальнай бырайыак чэрчитинэн, фельдшерскэй-акушерскай пуун, спортивнай саала, «Мин Сахам сирэ 21 үйэҕэ» үтүө дьыала программанан, Маймаҕаҕа «Кыталык» культурнай-спортивнай киин тутуллан бүппүттэрэ.
2021 с. — «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Хамаҕаттаҕа 240 миэстэлээх, Бөтүҥҥэ 50 миэстэлээх оҕо саадтара; Бөтүҥҥэ фельдшерскэй-акушерскай пуун; Фрунзеҕа административнай-культурнай киин; «Культура» национальнай бырайыагынан, Аппааныга «Чороон» норуот айымньытын киинэ үлэҕэ киирбиттэрэ.
2022 с. — бу сылга дьоһуннаах тутуулар үлэҕэ киирбиттэрэ. Ол курдук, саамай улахан тутуу – М.К. Аммосов аатынан культура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһа буолар. 1 Хомустаахха «Улыбка», Хатырыкка «Кэскил» оҕо саадтарын үөрүүлээхтик аспыттара. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Хамаҕаттаҕа Е.М. Шапошников аатынан Хамаҕатта орто оскуолатын саҥа дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. Оскуола икки мэндиэмэннээх, 220 миэстэлээх, сыста турар 50 миэстэлээх интернаттаах. «2021-2025 сылларга Саха сирин доруобуйа харыстабылын бастакы звеноларын модернизациялааһын» региональнай программатынан Аппааныга толору ирдэбилгэ эппиэттиир, модульнай конструкциялаах врачебнай амбулатория аһыллыбыта.
Быйылгы сылга «Демография» национальнай бырайыагынан, бэс ыйын 1 күнүгэр Кыһыл Дэриэбинэҕэ 35 миэстэлээх «Мичээр» оҕо саадын үөрүүлээх быһыыга-майгыга аспыттара. Итиэннэ 2 Хомустаахха 75 миэстэлээх оҕо саада, элбэх функцияны толорор киин, Хатырыкка элбэх функциялаах культурнай-спортивнай киин, Намҥа 65 куойка-миэстэлээх кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэрэ, Таастаахха культурнай-спортивнай комплекс тутуулара түмүктэнэн үлэҕэ киириэхтэрэ.
Улууспут киинигэр уонна нэһилиэктэргэ хас да түһүмэҕинэн элбэх квартиралаах дьиэлэр дьэндэһэн үлэҕэ киирдилэр. Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох оҕолор дьиэнэн хааччылыннылар. Ол курдук, ааспыт 2022 сыллаахха «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» программатыгар СӨ государственнай бюджетыттан 339 075,0 солк., федеральнай үптэн 1 496 201,3 солк. көрүллүбүтэ. Бу сылга өрөспүүбүлүкэ госбюджетыттан 414 670,8 солк., онтон федеральнай үптэн 1 797 484,8 солк. үбүлэнэн турар. Ити курдук, олорор усулуобуйаны тупсарыыга үгүс элбэх дьиэ тутулунна, билигин да тутулла тураллар.
«Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи программа чэрчитинэн, сылын аайы оҕолор дьиэлэнэллэр. Ол курдук, ааспыт сылга Хамаҕаттаҕа уонна Нам сэлиэнньэтигэр 4-түү квартиралаах толору хааччыллыылаах дьиэ күлүүһүн туппуттара. 2023 сылга бу программанан 37 544,5 солк. көрүллэн үлэ ыытыллар. Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыыга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 266,9 солк., федеральнай бюджеттан 4 181,9 солк. көрүллүбүт.
Комплекснай тутууну сайыннарыы соругунан «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» программанан, Партизаҥҥа 50 дьиэ тутулларыгар анаан «Мымах» кыбаартал оҥоһулла турар. Кыбаарталга агрокластер үлэһиттэрэ уонна элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ тутталлар. Хас да түһүмэҕинэн үп көрүллэн суол оҥоруута, гаас турбатын, уот ситимин тардыыта ыытылынна. Бу программанан 2024 сылга Хамаҕаттаҕа үлэ түмүктэниэҕэ.
Ааспыт сылга Модукка агрооскуола саҥа дьиэтин бастакы сыбаайата түспүтэ, Хатырыкка диэри асфальт суол силигэ сиппитэ. Маныаха «Үтүө дьыалалар», олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр программаларынан хас да сквер, оҕо былаһааккалара о.д.а. кыра-улахан эбийиэктэри ааҕан сиппэккин.
Кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр 274 социальнай суолталаах эбийиэк тутуллан киирдэ. Мантан оскуолата – 48 (10 241 миэстэлээх), уһуйаана – 72 (8 685 оҕо сылдьар), балыыһата уонна амбулаторията – 66, култуура-сынньалаҥ дьиэтэ – 45, успуорт уонна физкултуура эбийиэгэ – 34 (о.и. 10 – успуорт саалата, 13 – элбэх хайысхалаах комплекс, 3 – стадион, 4 – ипподром). Тэтим өссө күүһүрэр: сыччах быйыл 20 оскуоланы, 5 уһуйааны, 14 култуура дьиэтин, 24 балыыһаны, амбулаторияны, барыта 72 социальнай эбийиэги тутуу түмүктэниэҕэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ
Ити кэм устатыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2,8 мөл. кв. м иэннээх олорор дьиэ тутулунна. 25 тыһ. тахса олохтооҕо эргэ, хаарбах дьиэттэн саҥаҕа көстө. Ону таһынан чэпчэтиинэн туһанар араҥаҕа киирсэр 5,5 тыһ. киһи (дьиэ кэргэн) олорор усулуобуйатын тупсарда. Барыта 5 765 дьиэ гаас оттук уонна 6 606 дьиэ кииннэммит ититии ситимнэригэр холбоннулар. Быйыл 650 тыһ. кв. м иэннээх олорор дьиэ тутуллуо, 5,2 тыһ. киһи хаарбах дьиэттэн көһүө, 600 ыал олорор усулуобуйатын тупсарыа, 2 тыһ. тахса дьиэ гаас уонна 1 тыһ. дьиэ кииннэммит ититии ситимнэригэр холбонуохтара.
Нэһилиэнньэтин ахсааныгар таһаардахха, дойду үрдүнэн маннык сөҕүмэр кээмэйдээх тутуу ханна даҕаны суох. Ол даҕаны иһин, Саха сирэ ааспыт сыл түмүгүнэн Подмосковье, Татарстан, Красноярскай кыраай уонна Нижегород уобалаһын курдук улахан эрэгийиэннэри кытта биэс бастыҥ иһигэр ааттанна.
Аныгы үйэ аргыһа – түргэн тэтимнээх интэриниэт. Кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр сибээс оптическай утахтаах ситимигэр 246 нэһилиэнньэлээх пуун холбонно, 9 тыһ. килэмиэтир уһуннаах ситим тардылынна. Ол түмүгэр, эрдэ ыытыллыбыт үлэлиин холбоон, 13 600 км уһуннаах утах тардыллан, 378 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа (өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 91,9 бырыһыана) аныгы кэм сибээһэ олохтонно. Ханна суол уонна сибээс баар сиригэр сайдыы тэнийэр, дьон олохсуйар.
Дьиҥэр, биэс сыл – эрэгийиэн кээмэйигэр олус кылгас кэм. Ол гынан баран, сатабыллаахтык салайар-тэрийэр буоллахха, дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа чэпчиирин, өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар элбэҕи оҥоруохха сөбүн билиһиннэрбит чахчыларбыт, сыыппараларбыт кэрэһэлииллэр.
Семен Аргунов