Нам улууһугар ааспыт сылларга халаан уутугар барбатах кэккэ нэһилиэктэргэ уу эмискэ кэлэн улахан хоромньуну таһаарда. Тыа сиригэр олорор буолан сылгы-сүөһүнэн дьарыктанабыт. Уу эмискэ кэлэн үгүс дьиэ кыыла ууга былдьанна.
Нам улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Владимир Макаров иһитиннэрбитинэн, барыллаан хоромньуну быһаарбыттарынан – 177 сүөһү өлбүт, 9 сүппүт (186), ол иһиттэн 65-һэ ынах. 242 сылгы ууга былдьаммыт, 50 төбө көстө илик (292). Нэһилиэктэринэн ылан көрөр эбит буоллахха: Хатырыкка – 157, Маймаҕаҕа – 19, Модукка – 1, Хамаҕаттаҕа – 7, Хатыҥ Арыыга – 2 сүөһү; Хатырыкка – 50, Маймаҕаҕа – 115, Модукка – 50, Көбөкөҥҥө – 14, Хатыҥ Арыыга – 63 сылгы сүтүктээхтэр. Көрдүүр, чопчулуур үлэни салгыы ыыталлар. Ол курдук, ветеринарнай, тыа хаһаайыстыбатын управлениелара, нэһилиэк дьаһалталара бииргэ үлэлииллэр. Өлүктэри булан, акт толорон, туоһулуурга хаартыскаҕа түһэрэн баран, биологическай тобоҕу суох оҥоруу үлэтин ыытыахтара.
Бөтүҥҥэ бааһынай хаһаайыстыба оҕуруот аһын харайар сирэ, тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 4 хотонноро (Бөтүҥҥэ – 2, Хатырыкка – 1) ууга барбыт. Кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон хотоно ууга барыытын чопчулуур үлэни ыытыахтара.
Хатырыкка 3 туонна эбиэс, ону таһынан 5 т ыһыллыахтаах эбиэс сиэмэтэ хараллыбыт сирэ, 9 т ыһыы хортуоппуй ууга барбыт. Бөтүҥҥэ 6 т ыһыы хортуоппуй туһатыттан ааспыт.
Ыаллыы сытар улууспутуттан уонна бэйэбит бааһынай хаһаайыстыларбыт баһылыктара халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ, хоромньулаах дьоҥҥо көмөлөһөр баҕа санаалаахтарын биллэрбиттэр. Ол курдук, Горнай улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын коллектива докумуон толоруутугар, ууга былдьаммыт сүөһүнү, сылгыны хомуйууга күүс-көмө буола кэлэллэрин, Мэҥэ Хаҥаластан биир бааһынай хаһаайыстыба 3 т ыһыы хортуоппуйу ыытарын эппиттэр. Улууспут иһиттэн Хамаҕаттаттан Александр Жирков баһылыктаах, Бөтүҥтэн Михаил Сивцев баһылыктаах бааһынай хаһаайыстыбалар сиэмэ хортуоппуйунан көмө оҥорорго быһаарыммыттар.
Халаан уута суоһуур кэмиттэн ыла СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министрэ Артем Александров Нам улууһугар үлэлиир. Сүтүктээх дьону, бааһынай хаһаайыстыбалар баһылыктарын кытары көрсөн кэпсэттэ. Көмө хайдах буолуон сөбүн быһаарда, толуйуу баар буоларын эппит. Халаан уутугар ынах, сылгы эрэ буолбакка дьиэ кыылын көтөрдөрө, сибиинньэлэр эмиэ ууга былдьаннылар. Онон көмө балаһыанньатын, бэрээдэгин быһаарыахатара. Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов халаан уутуттан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэр олохтоохторугар “Дьиэ кэргэн экономиката” муниципальнай программа чэрчитинэн толуйуу бырыһыанын кыччатары эттэ.
Семен Аргунов