Өҥ дьыл буолан үүт туттарыыта тэтимнээх. Үксүн тэрээһиннээх уонна бааһынай хаһаайыстыбалар үрүҥ илгэни хото туттараллар диэххэ сөп. Кэтэх хаһаайыстыбалаахтарга ынах төбөтүгэр субсидия көрүллэр буолуоҕуттан аҕыйах ынахтаах ыал үүт туттарарыттан туттунар буолла. Ол да буоллар, көмө харчыттан аккаастанан үрдүк сыанаҕа туттаран дохуот аахсааччылар да бааллар.
Нам улууһунааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэрбитинэн, 2023 сылга үүт туттарыытын былаана — 2700,00 туонна (субсидията суох үүтү ааҕан туран). Бүгүҥҥү туругунан сыллааҕы былаан туолуута 50%-ҥа тэҥнэспит. Ол эбэтэр 1351,581 туонна үүт туттарыллыбыт. Сыл саҕаланыаҕыттан отчуоттуур кэмҥэ былааны 107% куоһаран иһэбит.
Нэһилиэктэринэн үүт туттарыытын ылан көрдөххө:
Арбыҥҥа былаан — 48,52 т (толоруу 13,860 т — 29%);
Бөтүҥҥэ былаан — 451,83 т (толоруу 279,173 т — 62%);
Үөдэйгэ былаан — 519,78 т (толоруу 277,705 т — 53%);
Искраҕа былаан — 73,83 т (толоруу 41,155 т — 56%);
Модукка былаан — 109,25 т (толоруу 65,497 т — 60%);
Никольскайга былаан — 100,14 т (толоруу 21,755 т — 22%);
Партизаҥҥа былаан — 349,29 т (толоруу 170,261 т — 49%);
Салбаҥҥа былаан — 73,68 т (толоруу 39,764 т — 54%);
Таастаахха былаан — 14,79 т (толоруу 6,705 т — 45%);
Түбэҕэ былаан — 88,70 т (толоруу 36,811 т — 42%);
Хамаҕаттаҕа былаан — 208,65 т (толоруу 4351,681 т — 36%);
Хатыҥ Арыыга былаан — 333,59 т (толоруу 180,199 т — 54%);
1 Хомустаахха былаан — 163,47 т (толоруу 73,775 т — 45%);
2 Хомустаахха былаан — 29,89 т (толоруу 29,037 т — 97%).
Нэһилиэктэр холлорунан ылан көрдөххө төһө, хачча ыанар ынах баарын быһа холуйан сэрэйиэххэ сөп эбит. Былаантан таһыччы хаалыы суох. Сыл саҕаланыаҕыттан отчуоттуур кэмҥэ диэри, ол эбэтэр от ыйын 26 күнүнээҕи туругунан аҕыс нэһилиэк былааннарын таһыччы куоһаран иһэллэр.
Үрүлүйэр үрүҥ илгэни дэлэйдик үрүлүтүөххэ.
Семен Попов