Нам улууһугар ыытыллыахтаах “Спортивные Якутяне” спартакиада тохтотулунна

Нам улууһугар бу сайын былааннаммыт “Спортивные Якутяне” спартакиада сааскы халаан уутунан сибээстээн Дьокуускайга уонна Горнай улууһугар ыытыллыаҕа. Былаан быһыытынан, Нам улууһугар өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэрэ бэс ыйын 6-10 күннэригэр  спартакиада 9 быһаарыылаах түһүмэҕэр көрсүөхтээхтэрэ.

Түмүк көрсүһүүтүн көрүҥнэрэ волейбол, ох саанан ытыы (төрүт ох саа, классическай ох саа, блочнай ох саа), көҥүл тустуу, бокс, мас-рестлинг, дуобат, саахымат, гиирэ Дьокуускайга уонна Хатаска буолуохтара. Оттон чэпчэки атлетикаҕа Саха сирин үөрэнээччилэрэ Бэрдьигэстээх “Чыпчаал” стадионугар күрэхтэһиэхтэрэ.

“Спортивные Якутяне” үөрэнээччилэр спартакиадалара Намтан көһөрүлүннэ. Дьокуускайга уонна Горнайга спорт комплекстара бэлэм тураллар.

Спартакиада үөрүүлээх аһыллыытын уонна түмүгүн сиэрэ-туома Дьокуускайга буолара күүтүллэр.

Ыам ыйын бүтүүтэ спартакиада зачетугар киирэр бүтэһик көрүҥнэр буолуохтара. Ол курдук, оҕолор ГТО-ҕа, спортивнай ориентированиеҕа, төрүт ыстаныыга көрсүөхтэрэ”, – диир “Спортивные Якутяне” кылаабынай судьуйата Юрий Балаганскай.

Харысхан Попов

Читайте дальше