Намнааҕы национальнай художественнай түмэлгэ Россия худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ Мира Аргунова “Краски мира” быыстапката арылынна.
Быыстапкаҕа Мира Аргунова айылҕа кэрэ миэстэлэрин ойуулаабыт хартыыналара туруоруллубуттар. Холобура, бүгүн Нам улууһун 7 олохтооҕо, уруһуйу сэҥээрээччилэр, сибиэһэй салгыҥҥа тахсан сэлиэнньэ бэлиэ сирдэрин уруһуйдаабыттар. Уруһуй бүгүҥҥү тэрээһинин саамай кыра уруһуйдьута 10 саастаах. Мира Аргунова айар үлэтэ музейга балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри туруоҕа.
Кырдьыга даҕаны, “Краски мира” быыстапка аата да этэрин курдук, худуоһунньук оҥорон таһаарбыт үлэлэригэр киэҥ нэлэмэн Россия айылҕата хоһуйуллубут: Саха сирин, Алтай, Байкал, Таймыыр, Сочи, Зея сирэ-уота, хатыҥ чараҥнар, үрдүк хайалар, өрүстэр, халыҥ ойуурдар, дьикти күөллэр.
Мира Аргунова тус быыстапкалара Москва куоракка Обществаннай палатаҕа, Бурятия республикатыгар национольнай музейга, Соҕуруу Уралга Челябинскайга судаарыстыбаннай историческай музейга, Дьокуускайга “Квартал труда” история музейыгар уонна Крымҥа “Таврида Арт” Бүтүн Россиятааҕы фестиваль быыстапкатын саалатыгар турбуттар.
Түгэни мүччү тутумаҥ, кэрэ эйгэтин кытта алтыһан, эдэр худуоһунньук үлэлэрин тиийэн көрүҥ.