Бүгүн М.К. Аммосов аатынан култуура Дыбарыаһыгар «Эҥсиэли эрэлэ» Нам улууһун баһылыга Юрий Слепцов харыйата улуус оскуолаларын бастыҥтан бастыҥ үөрэнээччилэрин түмтэ.
— Бүгүн манна чиэстэнэр оҕолор, эһиги, сылы быһа үөрэххэ, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ, интеллектуальнай оонньууларга, куонкурустарга, ааҕыыларга, тэрээһиннэргэ үрдүк ситиһиилэнэн, чаҕылхай көрдөрүүлэнэн Нам улууһун аатын ааттатан, чиэһин көмүскээн, өрө тутан, үрдүк таһымҥа таһаарбыккытынан махталбын тиэрдэбин, — диэн улуус баһылыга Юрий Иннокентьевич эҕэрдэлээтэ. Кини үүнэр 2024 с. оскуоланы бүтэрээччилэргэ биир кэлим экзаменнары үрдүк баалга туттаралларыгар, талар идэлэригэр кичэллээхтик бэлэмнэнэн, сыал-сорук туруорунан үөрэххэ киирэллэригэр, сайдыылаах дьоһун солбук буола үүнэллэригэр баҕарда.
Оҕолорго үтүө баҕа санаатын, үрдүк сыанабылын, инники эрэли түстээн, Саҥа дьыллааҕы эҕэрдэтин Нам улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига Мария Игнатьева тиэртэ.
Улуус оскуолаларын көхтөөх, бастыҥ үөрэнээччилэрэ үөрэххэ, олимпиадаларга уонна конференцияларга чаҕылхай ситиһиилэрин, искусство, култуура эйгэтигэр үрдүк көрдөрүүлэрин, «Молодые профессионалы» региональнай чемпионакка уонна оҕо хамсааһынын эйгэтигэр таһымнаах ситиһиилэрин, патриотическай иитиигэ уонна техническэй хайысхаҕа дириҥ суолталаах үлэлэрин уонна улуус 12 бастыҥ спортсмен оҕолоругар үрдүк көрдөрүүлэрин иһин, «Президенскэй күрэхтэһиилэр» оонньуу чэрчитинэн ыытыллыбыт ориентированиеҕа Россияҕа кыайыылаах тахсан чемпионнаабыт Нам 2 №-дээх орто оскуолатын 6 «в» кылааһын 6 үөрэнээччитэ (сал. С.П. Колосова) улуус баһылыга Юрий Слепцов олохтообут анал бириэмийэлэринэн наҕараадаланар чиэскэ тигистилэр. Үөрэнээччилэр бары улуус баһылыгыттан Юрий Иннокентьевичтан Саҥа дьыллааҕы бэлэх, эҕэрдэ сурук, өйдөбүнньүк бириэмийэ тутан долгуйдулар, үөрдүлэр.
Үгэскэ кубулуйбут Баһылык харыйатын долгутуулаах түгэнинэн Тымныы Моруос оҕонньор Хаарчаанатынаан киирэн эҕэрдэлээһиннэрэ буолла. «Эҥсиэли эрэлэ» үөрүүлээх тэрээһини Дьокуускай куораттан «ZAVOD» үҥкүү, «Snou Voice» ырыа бөлөхтөрө үҥкүүнэн, ырыанан киэргэттилэр.
Үөрэнээччилэр бүгүҥҥү үрдүк үктэлтэн сайдар-үүнэр, чыпчаалга дабайар, айар-тутар баҕалара, дьулууһуулара күүһүрэ турдун. Кинилэр олохторугар умнуллубат Саҥа дьыллааҕы кэрэ-бэлиэ түгэни бэлэхтээтилэр.
Касьян Олесов-Олук