Нам улууһун бастыҥ ыаллара — «Саха сирин кыһыл көмүс дьиэ кэргэттэрэ» кинигэҕэ

Ахсынньы 18 күнүгэр Саха сиригэр Үлэ сылыгар анаммыт «Саха сирин кыһыл көмүс дьиэ кэргэттэрэ» кинигэ 8-с сиэрийэтин биһирэмэ буолуоҕа.

Ахсыс кинигэҕэ Нам улууһуттан үлэни өрө туппут, иллээх-эйэлээх 7 дьиэ кэргэн киирдэ: Ирина Егоровна уонна Степан Степанович Суздаловтар (Нам), Матрена Алексеевна уонна Иннокентий Никитич Готовцевтар (Нам), Варвара Касьяновна уонна Федор Иванович Новгородовтар (1 Хомустаах), Роза Тимофеевна уонна Иван Иванович Егоровтар (1 Хомустаах), Ольга Петровна уонна Анатолий Иванович Барашковтар (Үөдэй), Надежда Варламовна Сергучева уонна Александр Николаевич Федоров (Хамаҕатта), Александра Даниловна уонна Василий Васильевич Игнатьевтар (Аппааны).

Үлэ министиэристибэтэ уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн гражданскай турук аактатын толорор управление көҕүлээһиннэринэн уонна үбүлээһиннэринэн, Саха сиригэр 50 сыл бииргэ олорбут дьиэ кэргэттэр олохторо-дьаһахтара кинигэҕэ сырдатыллар.

Санатан аастахха, бу сыл ыам ыйын 5 күнүгэр ЗАГС управлениетыгар 8-с кинигэ тахсыытыгар межведомственнай хамыыһыйа бииргэ өр олорбут дьиэ кэргэттэр испииһэктэрин сүүмэрдиир мунньаҕа буолан ааспыта. Манна бигэргэппиттэринэн, 28 улуустан уонна Дьокуускайтан уопсайа 102 дьиэ кэргэн кинигэҕэ киирэр буолбуттара.

«Саха сирин кыһыл көмүс дьиэ кэргэттэрэ» кинигэҕэ киирэргэ хамыыһыйа көрөр ирдэбиллэрэ:

— 50 сылтан үөһээ бииргэ олорбуттара;

— элбэх оҕолоох ыал оҕолорун дьоһун дьон гына иитэн, үөрэтэн таһаарбыттара;

— Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттара;

— дьиэ кэргэн үтүөтүн, өҥөтүн уопсастыба билиниитэ;

— дьиэ кэргэн уопсастыбаннай олоххо көхтөөх кыттыыта учуоттанар.

Дьоһун ыаллар Суздаловтар тустарынан «Эҥсиэли» хаһыаппыттыгар 2023 с. тохсунньу 19 күнүнээҕи 2-с №-гэр, Игнатьевтар дьиэ кэргэттэр туһунан Надежда Сивцева суруйуута сэтинньи 23 күнүнээҕи 46-с №-гэр сырдатыллыбыта.

Ирина Егоровна уонна Степан Степанович Суздаловтар

Семен Аргунов