Нам улууһун киин библиотекатыгар бүгүн суруналыыс, Краснодар куорат риелтора Наталья Протопопова-НАТАЛИ Россия соҕуруу куораттарыгар дьиэ-уот, ипотека программаларын туһунан кэпсээн билиһиннэрдэ.
Ону тэҥэ, биир дойдулаахпыт Наталья Ивановна мустааччы дьоҥҥо Краснодар куорат олоҕун, сыана туһунан сырдатта. Ол курдук, “Солнечный Краснодар” диэн ааттанар сылаас дойдуга элбэх саха олорорун, дьиэ куортама, атыыга турар дьиэ сыаната, квартира төлөбүрэ удамырын Натали чопчулуур. Холобура, соҕуруу куораттартан уратыта Краснодар муората суох буолан тыала-кууһа кыра, хаар уон күн турдаҕына соһуйуу буолан ылардаах эбит.
“Киин сиртэн олорон көрдөххө, Дьокуускай бары өттүнэн наһаа сыаналаах куорат курдук көстөр. Үчүгэйэ диэн, хайалаах, муоралаах куораттартан чугас турар Краснодарга дьиэни ипотеканан аан бастааҥҥы төлөбүрэ суох атыылаһыахха сөп.
Краснодарга баар сахалар наһаа эйэлээхпит, түмсүүлээхпит. Бэлиэ күннэри бары бииргэ мустан бэлиэтиир түгэннэрдээхпит. Холобура, дьиэ атыылаһааччылар дьиэни “пассив” уонна “актив” оҥоруохтарын сөп. Ол эбэтэр, “пассив” дьиэ хаһаайыттарга бэйэлэригэр эрэ ананар. Оттон “актив” дьиэ наадыйааччыларга куортамҥа баран бэйэтин төлөнө турар”, – диэн быһааран кэпсиир Наталья Протопопова.
Бүгүн риелторга араас ыйытыылары биэрбит Нам олохтоохторо Крым, Москва сиригэр-уотугар дьиэ, уһаайба ылар баҕа санаалаахтарын биллэрдилэр. Ол эрээри, нэһилиэнньэҕэ билигин даҕаны “дьиэ ылар буоллахпына, хаһан онно тиийиэхпиний” диэн толкуй баарын Натали бигэргэтэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сирин олохтоохторо, кырдьык Россия атын куораттарыгар, кыраныысса таһыгар көһөн барыылара, олохсуйуулара күн-түүн элбиир. Маннык дьону туохтан да толлубат, харахтара аһыллыбыт диэххэ сөбө дуу, бэйэбит тойоннооһуммутугар хааллын. Ону тэҥэ, сорох ыаллар тыйыс тымныылартан тэскилээн 4-5 ый соҕуруу олорор буолбуттара үксээбитэ көстөр, кэпсэнэр.
Харысхан Попов