Нам улууһун дьаһалтатын иһинэн саҥа тэриллэн үлэлиир «Управление по работе с ОМСУ, организационной и кадровой работе» отдел кулун тутартан саҕалаан нэһилиэктэр олохтоох дьаһалталарыгар сылдьан үлэһиттэргэ үөрэх ыытар. Каадырдар уларыйыылара, саҥа специалистар кэлиилэрэ элбээбитинэн, цифровой-электроннай дөкүмүөн эргийиитэ киирбитинэн, ирдэбилгэ эппиэттиир сөптөөх үлэ барыахтааҕын туһунан улуус баһылыгын планеркатыгар нэһилиэктэр баһылыктарыттан киирбит этиини өйөөн, маннык үөрэх ыытыллар.
Управление иһинэн үс отдел үлэлиир. Ол курдук: боротокуоллуур уонна гражданнартан киирбит суруктары кытта үлэлэһэр отдел, начальник Марианна Гаврильевна Овчинникова; каадырдары кытта үлэлэһэр уонна наҕараадалыыр отдел, начальник Вероника Юрьевна Винокурова; олохтоох бэйэни салайыныы тэрээһиннэрин өттүгэр үлэлэһэр отдел, начальник Байдам Айаал Мардьа Уола.
Ыам ыйын 2 күнүгэр управление үлэһиттэрэ “Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын үлэһиттэригэр көмө, сүбэ-ама биэрдилэр. Бу үлэ сыала-соруга: олохтоох дьаһалта документациятыгар көмө, саҥа уларыйыылары билиһиннэрии, ЕСЭД программаҕа, сайтка үлэни көрдөрүү, кадровай боппуруоска көмө оҥоруу, гражданнартан киирбит ыйытыыларга эппиэттээһиҥҥэ көмө о.д.а.
Нам улууһун дьаһалтатыгар Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан махталбытын тиэрдэбит.
Надежда Сивцева