Быстах хомуур саҕаланыаҕыттан анал байыаннай дьайыыга дойдубут туһугар кыттыыны ыла сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, биһиги буойуттарбытыгар көмө буолар аналлаах марафоннар, акциялар буолаллар. Манна тиһигин быспакка улууспут тэрилтэлэрэ, нэһилиэктэр олохтоохторо, общественнай түмсүүлэр үбүнэн кыттыһан, анал таҥас тигэн кыттыыны ылаллар, тус кылааттарын киллэрэллэр.
Муус устар 3 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар «СВОИХ НЕ БРОСАЕМ» диэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр аналлаах үп хомуйуутун акцията 3-с төгүлүн ыытыллыбыта. Нам улууһун талааннаах дьоно-сэргэтэ кыттыылаах «БИИР СОМОҔО» кэнсиэр-акция буолбута. Акцияттан уонна кэнсиэртэн киирбит 3 725 240,35 солк. анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ананар.
«Бу акцияҕа улууспут олохтоохторо, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ биирдии күннээх хамнастарын уган күүс-көмө буоллулар. Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анал саҥа таҥас-сап, сэп-сэбиргэл, туттар мал-сал ыларга төһүү күүс буолар. Бу иннинэ ыытыллыбыт марафоннартан киирбит үбүнэн биир дойдулаах байыастарбытыгар ас-үөл, туттар мал, тэрил, таҥас илдьэн туттарбыппыт. Дьыл, кэм уларыйар кэмигэр саас бадараан, ардах, күһүн силбик, хаар кэмигэр усулуобуйалара ыарахан, таҥастара алдьанар, кээһэнэр. Ол иһин марафону бу кэмнэргэ ыытабыт.
Кыра саастаах оҕолортон кырдьаҕастарбытыгар тиийэ байыастарбытыгар көмө оҥорортон туора турбакка, кыайыы, биир сомоҕо туһугар биир санаанан кыттыһалларыгар махталбытын тиэрдэбит», — диэн «Нам улууһа» МТ депутаттарын председателэ Алексей Винокуров санаатын үллэһиннэ.
Семен Аргунов