Хатыҥ Арыы Аппаанытыгар «Молодежнай» кварталга интернет ситимин тупсарыыга үлэ ыытыллар. Кэм ирдэбилинэн маннык үлэни инникитин «Озернай» кварталга уонна бөһүөлэктэргэ ыытарга былаанныыллар. Бу үлэ чэрчитинэн бүгүн СӨ сибээһин региональнай оператора «АрктикТелеком» АО генеральнай директора Виктор Сергеев колективын кытары кэлэн «Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ» МТ баһылыгын Иван Ноговицыны көрсөн инники үлэни торумнаатылар.
Региональнай оператор оптическай волокно нөҥүө интернеты уонна цифровой ТВ өҥөтүнэн хааччыйар. Маннык сибээһинэн бу иннинэ социальнай тэрилтэлэр, үөрэх кыһалара эрэ туһаналлара. Билигин ону кэҥэтэн чааһынай секторга холбуур үлэтин бу кварталтан саҕалаата.
Иван Дмитриевич этэринэн тэрилтэ утары баран интернет ситимин тардыы ороскуотун 50%-н бэйэтэ уйуммут. Онон билиҥҥи туругунан 15 ыал сайаапкалаан холбоммут, уопсайа 46 дьиэҕэ тардаллара былааннанар.
Генеральнай директор Виктор Сергеев, соторутааҕыта интернет холботторбут Андрей Никонов дьиэ кэргэнигэр сылдьан интернет хаачыстыбатын көрдө-иһиттэ. Олохтоохтор куйаар ситимэ олус түргэнин үөрэ-көтө кэпсээтилэр, төлөбүрэ да удамырын бэлиэтээтилэр.
Маннык холобурунан кэлэр сылга салгыы интернет ситимин «Озернай» кварталга, Аппааныга, Граф Биэрэгэр, Кыһыл Дэриэбинэҕэ киллэрэн иһэр былааннаахтар.
Семен Аргунов