Нам улууһун култууратыгар 367 киһи үлэлиир

Дойдубут Президенэ Владимир Путин «Култуура үлэhитин Күнүн туhунан» 1111 №-дээх ыйааҕа 2007 сыллаахха атырдьах ыйын 27 күнүгэр тахсыбыта. Онтон ыла кулун тутар 25 күнүгэр сыл аайы Россия үрдүнэн Култуура үлэһиттэрин күнүн бэлиэтииллэр.

Бу күн бэйэлэрин идэлээх бырааhынньыктарын култуура салаатын үлэhиттэрэ, айар идэлээх дьон, ускуустуба диэйэтэллэрэ, култуурунай нэhилиэстибэни харайааччылар уонна киэҥ эйгэҕэ таhаарааччылар бэлиэтииллэр.

Нам улууһугар култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһа барыта 26 тэрилтэлээх, 9-һа бастакы сүһүөх профсоюзнай кэмитиэт, онтон 3-һэ аҕыйах ахсааннаахха киирсэллэр. Ол эбэтэр 15 киһиттэн аҕыйах чилиэннээхтэр – култуура уонна духуобунай сайдыы управлениета, «Хатыҥчаан» звукостудия, «Эҥсиэли» хаһыат редакцията.

Нам улууһун култууратын бары тэрилтэлэригэр 367 киһи үлэлии, айа-тута сылдьар. Онтон идэлээх сойуус чилиэнэ 2023 сыл түмүгүнэн 331, онтон дьахтара – 247, эр дьоно – 84, ол иһиттэн 71-рэ ыччат. Аҕам саастаах 92 бэтэрээн баар, онтон бочуоттаах сынньалаҥҥа 72-тэ олорор, үлэлии сылдьааччыта – 19. Намнааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын салайааччытынан Семен Ядрихинскай, култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн Александра Парникова, култуура эйгэтин бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Раиса Горохова таһаарыылаахтык үлэлииллэр.

Култуура үлэһиттэрэ дьон-норуот сынньалаҥын көдьүүстээхтик тэрийэргэ уонна үтүмэн үгүс үйэни уҥуордаан, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит сахабыт норуотун төрүт култууратын, үтүө үгэһин, норуот айымньытын сайыннарыыга, улууспут уус-уран баайын-дуолун байытыыга күн бүгүҥҥэ диэри харыстаан кэнчээри ыччакка иҥэрэн Саха буолалларын билинэр, омуктарынан киэн туттар саҥа көлүөнэ дьону иитиигэ бигэ тирэх, быстыбат ситим буолаллар.

Кэрэ эйгэни түстүүр биир идэлээхтэрбитин уонна бэтэрээннэрбитин идэлээх бырааһынньыккыпытынан — Россия култууратын үлэһиттэрин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эһиги талбыт чэпчэкитэ суох үлэҕит сөпкө сыаналаннын, дьон-сэргэ ытыктабылын, махталын ылыҥ, үтүөнү эрэ үксэтиҥ, кэскиллээҕи эрэ кэрэһилээҥ!

Семен Аргунов

Читайте дальше