Норуот олорон ааспыт олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа, оҥорбут үтүө дьыалата — бу барыта история. Музей — история кэрэһитэ, былыргыта, билиҥҥи уонна кэнэҕэски кэми ситимниир култуура киинэ. Муниципальнай, оскуола таһымнаах музейдар хас улуус, оройуон, хас нэһилиэк аайы бааллар, ситиһиилээхтик үлэлииллэр.
П.И. Сивцев аатынан Нам улууһунааҕы история уонна этнография музейа М.К. Аммосов аатынан культура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар саҥалыы аттаран, тэринэн үлэлиир. Икки этээһинэн уопсайа 1 тыһ кв. м иэни хабар. Саҥа тэриллэнэн, миэбэллэнэн, саҥа истиэндэлэрдэнэн бэрт сонун музей буолла. Биэс экспозиционнай уонна конференциялыыр сааллаах. Музей фондатыгар 7 тыһ. кэриҥэ экспонат дьон көрүүтүгэр турар. Күн аайы араас тэрээһиннэр ыытыллаллар, дьон-сэргэ, оҕолор кэлэннэр сэргии, астына көрөн бараллар. Хас саала аайы интерактивнай остуоллар баар буоллулар, кулгаахха анал аппараат иилинэн аудиогид өҥөтүн туһанар кыах баар буолла.
Бу туһунан музей директорын быстах кэмҥэ толорор Рустам Федоров санаатын бу курдук үллэстэр:
— Ааспыт 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан улуус дьаһалтатын өттүттэн эбии үбүлээһиннээх 1 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах субсидия көрүллүбүтэ. Онон билиҥҥи кэм ирдэбилинэн 4 интерактивнай остуол уонна кинилэргэ аналлаах программалары, 22 устуука аудиогид ылбыппыт. Саҥа эбийиэккэ көһөн киирэрбитигэр үгүс элбэх үлэ ыытыллыбыта. Ол курдук, СӨ культура уонна духуобунай сайдыы министерствота болҕомто ууран саҥа экспозициялары туруордубут. Ону таһынан экспозициялары хаххалыыр таас хаххалар, техническэй тэрил, саҥа миэбэл ылыллыбыттара. 2020 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ үлэбит сыаналанан «Тыа сирин бастыҥ музейа» буоламмыт 100 тыһ. наҕараадаламмыппыт.
2010 сыллаахха Аппааныга филиал быһыытынан И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыытааҕы историко-краеведческай музей аһыллан үлэлиир. Манна үлэни тупсарар сыалтан 2021 сыллаахха интерактивнай остуол баар буолбута. Ону таһынан ааспыт сылга 8 устуука экспонаттары көрдөрүүгэ уурар өстүөкүлэ сабыылаах остуоллар бэриллибиттэрэ.
***
Бу сыл ыам ыйын 18 күнүгэр Аан дойдуга Музей күнэ бэлиэтэммитэ. Бу бэлиэ күнү көрсө, ааспыт сыл түмүгүнэн бастыҥ үлэлээх музейдар үлэлэрин быһаарар М.Ф. Габышев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Николаев бириэмийэтин туттарыыга «И.С. Шарапов аатынан сири туһаныы «Сир» музейа — «Культураҕа тыа сирин бастыҥ тэрилтэтэ» буолары ситиспитэ.
Профессор, меценат Михаил Габышев аатынан музей дьыалатын эйгэтигэр бириэмийэни туттарыы 2005 сылтан ыла саҕаламмыта.
Семен Аргунов