Нам улууһун мыраанын аартыгар Ытык сир – “Үс Сэргэ” тупсарыллан оҥоһулунна

Эҥсиэли хочотугар киирэр Ытык Сир туһунан кэпсиир, историяны сырдатар былаһаакканы Нам улууһугар тутуу ыытар тэрилтэлэр биир сүбэнэн сөргүтэн биэрдилэр. Санатахха, Саха сиригэр Автономия тэриллибитэ 100 сылыгар Георгий Алексеев көҕүлээһининэн, “Восток Капитал” ХЭТ үбүлээн Эҥсиэли хочотун үөһэттэн көрдөрөр стационарнай бинокль туруорбуттара.

Үөрэтии, чинчийии үлэтигэр Намнааҕы этнография уонна история музейын директора А.И. Копырин, кыраайы үөрэтээччи, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Л.М. Полякова төһүү күүс буолбуттарын Георгий Алексеев бэлиэтиир. “Бастакы Хомустаахха киириигэ, мырааммыт үрдүгэр “Үс Сэргэ” ыччаттарбыт, Нам сиригэр-уотугар ыалдьыттааччылар дойдубутун билэллэрин туһуттан тупсарылынна”, – диир “Вертикаль” ХЭТ салайааччыта Георгий Алексеев.

Аартыкка киириигэ, тутуу тэрилтэлэрэ “Үс Сэргэҕэ” ыйдарынньык бэлиэ туруорбуттар. Инникитин да, тутуу тэрилтэлэрэ Нам улууһугар саҥа сүүрээннэри киллэриигэ биир санаанан салайтаран күүстэрин уурар бигэ этиилээхтэрин “Вертикаль” ХЭТ салайааччыта бигэргэтэр.

“Этиини өйөөбүт биир идэлээхтэрбэр махтанабын: И.П. Тимофеевка (ООО “Восток-Капитал”); В.Н. Гороховка (ООО “Фордевинд”); Г.А. Кобяковка (ООО “Лигран”); Н.А. Спиридоновка (ООО “Перспектива”); И.А. Борисовка (АЭБ “Капитал”); ИП В.Р. Марковка; ИП П.А. Степановка; П.Д. Эверстовка. Ону тэҥэ, улууспут салалтатыгар, Василий Жирков баһылыктаах Бастакы Хомустаах олохтоох дьаһалтатыгар уонна бары күүс-көмө буолбут бар дьоммутугар”, – диэн махтанар Георгий Дмитриевич.

“Үс Сэргэҕэ” ыйдарынньык бэлиэ туруоруута