Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Муус Устар-2024” ыччат фестивалыгар Нам улууһун ыччата “КҮН” аныгылыы үҥкүү куонкурсугар кыттыыны ылла. Ол курдук, аныгылыы үҥкүүгэ Нам улууһун чиэһин Илья Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж “НрЖ” устудьуон бөлөҕө көмүскээтэ.
«КҮН» үҥкүү куонкурсугар 26 хамаанда кэлэн үҥкүүлээтэ. Кыайыылаахтар сарсын биллиэхтэрэ уонна наҕараадаланыахтара.
Үҥкүүлэри ылан көрдөххө, сорох улуустар дириҥ ис хоһоонноох, өйдөбүллээх үҥкүүлэри туруорбуттар», — диир Нам улууһун дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отделын салайааччыта Екатерина Евставьева этэр.
Динара Дмитриева, Кыыдаана Боярова, Влада Степанова, Ньургус Докторов, Карина Троева, Анжела Винокурова, Сандаара Акимова, Виолетта Сергеева устудьуоннартан турар «НрЖ» үҥкүү бөлөх күрэхтэһээччи хамаандалар күүскэ бэлэмнэнэн кэлбиттэрин бэлиэтии көрбүт.
«Бүгүн киһи хайдах быһыылаахтык улаатарын Өймөкөөн улууһун эдэр ыччата үҥкүү нөҥүө көрдөрбүт интэриэһинэй ис хоһоонноох нүөмэрин ылларан көрдүбүт», — диэн НПК устудьуоннара этэллэр.
Харысхан Попов