Нам улууһуттан 4 спортсмен «Өймөкөөн – Тымныы полюһа 2024» марафоҥҥа кыттыаҕа

2024 сыл тохсунньу 10-12 күннэригэр «Өймөкөөн – Тымныы полюһа 2024» кыһыҥҥы экстремальнай марафон ыытыллар. Тэрийээччилэр биллэрэллэринэн, спортсменнар икки дистанцияҕа сүүрэллэр: 21 км.100 м. (полумарафон) уонна 42 км.195 м. (марафон). Эр дьон, дьахталларсаастарынан бөлөхтөрө: 18-39 с., 40-49 с., 50-59 с., 60-69 с., 70-74 с., 75 уонна онтон үөһэ саастаахтар.

Биһиги улууспутуттан «Өймөкөөн – Тымныы полюһа 2024» кыһыҥҥы экстремальнай марафоҥҥа кимнээх кытталларый?

Былырыын Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт IV кыһыҥҥы экстремальнай марафоҥҥа бэһиэ буолан кыттыбыппыт: Ион Васильев – 5 км., мин – 10 км., Афанасий Васильев – 21 км. 100 м., Сардаана Федорова – 5 км., Яна Егорова — 42 км. 195 м. Онно саастарбытынан бөлөхтөргө 4 кыһыл, 1 үрүҥ көмүс мэтээллэринэн наҕараадаламмыппыт, куһаҕана суох көрдөрүүнү систиспиппит. Быйыл Сардаанаттан ураты төрдүө буолан кыттабыт, бары таһырдьа сүүрэн дьарыктана сылдьабыт. Түмүгү экстремальнай марафон трассата көрдөрүө, диир Нам улууһун сүүрүктэрин «Стайер» кулууптарын салайааччыта Иннокентий Федоров. Кини, түгэнинэн туһанан, бу V үбүлүөйдээх кыһыҥҥы экстремальнай марафоҥҥа кыттарга регистрацияны ааһарга көмөлөспүтүн уонна айаҥҥа материальнай көмөнү оҥорбутун иһин улуус баһылыгар Юрий Иннокентьевич Слепцовка улахан махталын тиэрдэр.

Быйылгы V үбүлүөйдээх кыһыҥҥы экстремальнай марафоҥҥа өрөспүүбүлүкэбит улуустарыттан, Дьокуускай куораттан уонна дойдубут атын регионнарыттан барыта 40 спортсмен тыйыс усулуобуйаҕа сүүрэргэ бэлэмин биллэрбит. Ол курдук, полумарафоҥҥа 24, марафоҥҥа 16 спортсмен сүүрүө. Кинилэр ортолоругар араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыайыылары ситиспит, бу иннинээҕи экстремальнай марафоннарга чаҕылхай көрдөрүүлэринэн пъедестал үрдүкү үктэлигэр турбут спортсменнар элбэхтэр. Онтон Москва куораттан, Смоленскай, Курскай, Владимирскай, Кемеровскай, Новосибирскай уобаластартан күүстээх спортсменнар кэлэллэрэ күүтүллэр. Ол туһунан тэрийээччилэр «Вконтакте» сыһыарыыга иһитиннэрэллэр.

Онон бытархан тымныытынан аатырбыт-сураҕырбыт Өймөкөөн улууһун сүүрэр суолугар кыайыы иһин киирсии сытыытык барара сэрэйиллэр. Наммыт улууһун спортсменнарыгар кыаҕы, тулууру, дьулууру эрэйэр кыһыҥҥы экстремальнай марафоҥҥа ситиһиилэри баҕарабыт!

Хаартыскалар: Иннокентий Федоров тиксэриитэ

Касьян Олесов-Олук