Нам улууһуттан былырыын күһүн анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллан барбыт уолаттар уоппускаларыгар дойдуларыгар, дьонноругар кэлэн күүс-уох ылан, ахтылҕаннарын таһаараллар. Түгэн көстүбүтүнэн, биир байыаһы кытта кэпсэттим.
Саха көнө, судургу майгылаах эр киһитин быһыытынан, ыйытыыларбар (эбиитин СВО-тан тыйыһыран) уһаппакка-кэҥэппэккэ чопчу эппиэттиир.
Кини ааспыт сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр мобилизациянан барбыт. Бастаан Хабаровскайга бэлэмнээбиттэр. Аармыйа учёбкатыттан чыҥха атын эбит. Үөрэтэ сылдьан, «сапёр буолуоҥ» диэн тута бэлэмнээн барбыттар. Аҕыйах кэм иһигэр үөрэнэн, байыаннай дьайыы сиригэр кэлбиттэр. Манна салгыы иккис линияҕа сытан, иҥэн-тоҥон үөрэнэллэр. Көмүскэнии (оборона) эбэтэр кимэн киирии (наступление) буолуон иннинэ түүнү доҕор оҥостон, киирэн бэлэмнииллэр.
Взводтарын, роталарын хамандыырдара — дагестанецтар, 26-лаах уолаттар. Взводун хамандыыра сорудахтартан иҥнэн-толлон турбакка, ханнык да түгэҥҥэ ыгылыйбакка биир кэмник сылдьарын иһин «Легенда» диэн ааты биэрбит. Онтон ыла позывнойдаммыт.
Биир суолталаах сорудахха баран иһэннэр, буомбалааһыҥҥа түбэспиттэр. Биир иһиттэн аһаан, биир ороҥҥо утуйан тэҥҥэ сылдьыһар бойобуой доҕорун өлүүтүн илэ көрбүтэ туохтааҕар да ыараханын кэпсиир…
– Ол иһин куруутун тыҥаан, кыраҕы харах, чуор кулгаах буолан сылдьаҕын. Сорудахтан бары этэҥҥэ кэлэрбит — үөрүү, дьол. Украина сирэ-уота көрдөр тухары – ойуур балаһа, хонуу, ойуур балаһа, хонуу. Биһиэнин курдук биир кэлимсэ тыа суох. Сибиэһэй аспытын суохтааммыт, кустааччыбыт. Саха сириттэн көмө куруутун кэлэ турар.
Оҕолор суруктарын туппутум. Болҕомто баарыттан киһи хайдах эрэ бөҕөхсүйэр, санааҕар санаа, күүскэр күүс эбиллэргэ дылы гынар. Бу барыта дойдубун, дьоммун санатар.
– Киһи ханнык хаачыстыбата ордук сыаналанарый?
–Куттанымыахха наада! – диэн икки тылы быһа баттаан эттэ. Аҕыйах хонугунан кини эмиэ кырыктаах кыргыһыыга турунуоҕа, инники кирбиигэ киириэҕэ. «Кыайыахпыт!» – диэн эрэмньилээхтик эппитигэр эгди буоллум.
Бу байыаннай дьайыыга быһаччы кыттан, инники күөҥҥэ сылдьар саллаат бүччүм санаата. Этэҥҥэ эргиллэн кэлэригэр баҕарыаҕыҥ, алгыс тылбытын аныаҕыҥ.
Татьяна КАСЬЯНОВА