Намҥа хаарбах туруктаах дьиэлэри саҥа таас дьиэлэр солбуйаллар. “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” программанан Октябрьскай уулусса 4-гэр 31 квартиралаах дьиэ хаһаайыттарын көрүстэ. Сылаас, саҥа дьиэҕэ күлүүс тутааччылар ис-истэриттэн үөрбүттэрэ-көппүттэрэ, сирэйдэрэ-харахтара сырдаабыта көстөр.
Толору хааччыллыылаах дьиэ үөрүүлээх чааһын Ленскэй нэһилиэк баһылыгын солбуйааччылара Тимофей Охлопков, Петр Владимиров арыйдылар, олохтоохтору эҕэрдэлээтилэр.
Нам сэлиэнньэтин аҕам саастаахтара Авдотья Никифоровна, Иван Петрович Гуляевтар Советскай уулусса 33-тэн киин сиргэ көһөн кэлиэхтэрэ. Сэрии кэмин оҕото Иван Петрович кэргэнинээн сэлиэнньэ килбэйэр киинигэр олохсуйалларыттан долгуйаллар, үөрэллэр.
“Дьиэбитигэр киирэр дьоллоох күммүт үүннэ. Кырдьар сааспытыгар маннык үчүгэй квартираламмыппытыттан олус үөрдүбүт”, – дииллэр 1 хостоох квартира хаһаайыттара.
Сивцева Лидия Ивановна:
— 2025 сылга тутуллан бүтүөхтээх дьиэ бу сылга киирбитэ үөрүүлээх. Саҥа дьиэҕэ Цугель-Аммосова уулусса 4-тэн 4 дьиэ кэргэн күлүүс туттубут.
“Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” программа үлэлээн элбэх биир дойдулаахтарбыт абыраннылар. Холобура, Нам сэлиэнньэтигэр эргэрэ быһыытыйбыт, сааххалланар туруктаах икки этээстээх дьиэлэрбитин бииртэн-биир саҥа дьиэлэр кэмигэр солбуйдулар. Эдэр дьон толору хааччыллыылаах дьиэлэри иччилээн толоруоҕа, үлэлиэ-хамсыа турдаҕа. Сэлиэнньэбит олус сайынна. Элбэх саҥа тутуулар олоххо киирэллэрин киһи көрөн үөрэр, хайгыыр.
Харысхан Попов