Намҥа босхо сылдьар ыт элбиир

Убаастабыллаах Нам сэлиэнньэтин олохтоохторо, дьиэ кыылын хаһаайыттара.

Кэнники кэмҥэ сэлиэнньэ уулуссаларыгар ыт ахсаана эбиллэрин туһунан нэһилиэнньэттэн тыл көтөҕүллэрэ элбиир. Ол курдук, хаһаайын көрүүтэ-истиитэ суох ыттар улахан бөлөхтөргө, үөрдэргэ кубулуйан дьон доруобуйатыгар уонна олоҕор кутталы үөскэтэллэр. Чуолаан кыра саастаах оҕолорго.

Маны этэр тоҕоостоох! Уопсастыбаннай сирдэргэ көҥүл сылдьар ыттар бука бары хаһаайыттардаахтар. Оччотугар кинилэр дьиэ кыылын иитии Быраабылатын толорботтор, тутуспаттар.

Эрдэттэн мөкү көстүүнү суох гынан туоратарга, быһылаан тахсыбатыгар Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата хаһаайыттары дьиэ кыылын баайыыга туруорарга ыҥырар. Оттон уулуссаҕа күүлэйдэтэ таһаарарга эбэтэр бэйэни кытта илдьэ сылдьарга бары усулуобуйаны тутуһан, ыт төлө барбатыгар быалаах, томторуктаах (намордник) буолара ирдэнэр.

Ыт дьону ытыран, дьоҥҥо саба түһэн доруобуйаларын айгыратар түгэнигэр, ыты бас билээччи административнай эппиэккэ тардыллыахтааҕын билиэхтээх, өйдүөхтээх. Хаһаайын ыты иитии Быраабылатын кэһэн КоАП РФ 8.52 Ыстатыйанан 5000 солкуобайтан 15 000 солк. диэри ыстырааптанар уонна бу сокуоҥҥа олоҕуран эмсэҕэлээбит киһиэхэ материальнай хоромньутун толуйар.

Өйдөөҥ! Хаһан баҕарар, ыттар саба түһүүлэригэр түбэспит киһи оннугар Эһиги буолуоххутун сөп. Куһаҕанын талан эттэххэ, улахан дьон оннугар оҕо буолуон сөп!

Харысхан Попов

Читайте дальше