Намҥа кинотеатр боппуруоһа сытыытык турар

Нам улууһун киинигэр кинотеатр үлэтин тохтотуоҕуттан “Кинотеатр хаһан үлэлиир”, “Саҥа кинотеатр хаһан баар буолар” диэн этиилэр үгүс киһини таарыйаллар. Намҥа кинотеатр тутуута сытыытык турар.

Ол курдук, сэлиэнньэҕэ дьон сынньанарыгар эппиэттиир сөптөөх кинотеатр баар буоларыгар “Сардаҥа” кинотеатр сабыллыан инниттэн үлэ саҕаламмытын Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников бигэргэтэр.

Олохтоох дьаһалтаҕа көрүллэр үбүнэн баараҕай тутууну ыыппатын чахчы. Маннык суолга элбэх үптээх-харчылаах эрэллээх дьон илиилэрин утары уунан турунуохтара, көмөҕө кэлиэхтэрэ – инвестордар. Инвестор нэһилиэнньэҕэ суолталаах дьиэлэри бэйэтин үбүнэн-харчытынан тутан олоххо киллэрэр киһи буолар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ, дьон-сэргэ сынньанарыгар кинотеатр тутуон баҕалаах инвестор көстүөх курдугун баһылык этэр. Олохтоох дьаһалта инвесторга кинотеатр ис-тас өттүнэн хайдах быһыылаах-таһаалаах буолуохтааҕын, бэйэтин усулуобуйатын, баҕа санаатын тиэрдибит. Билиҥҥитэ бу үлэҕэ ылсыахтаах тутааччы эргимтэтин кытта суоттана, учуоттана сылдьара этиллэр.

“Кинотеатр туһунан ыйытааччы дьоннор ыйыталлар. Улуус киинигэр кинотеатр баар буолара наадалаах диэҥҥэ ханнык баҕарар баһылык сөбүлэһэр. Дьиэ кэргэн сынньанар биир сиринэн кинотеатр ааттанар. Намҥа кинотеатр тутуллара оруннаах. Билигин өссө сайдыахпыт турдаҕа”, – диир Петр Григорьевич.

Харысхан Попов