Аҕыйах хонуктааҕыта Нам сэлиэнньэтэ киэн туттар Максим Аммосовпыт набережнайыгар Сардаана Григорьева атыы будкатын арыйбыта.
“Нам дьоно-сэргэтэ сынньанарыгар анаан оҥоһуллубут тупсаҕай тутуулаах набережнай баар буолбутуттан үөрэбин. Ол курдук, кэлээччилэр сибиэһэй салгыҥҥа хааман, ыскамыайкаларга олорон итии кофе, чай иһэллэригэр, ас амтаннааҕын амсайалларыгар атыы будката наада эбит диэн толкуйга киирбитим. Биир дойдулаахтарым уопсастыбаннай сиргэ ыраастык тутта-хапта сылдьыахха диэн ыҥырабын”, – диэн санаатын үллэстэр Сардаана Николаевна.
“Максим Аммосов набережнайыгар Сардаана Григорьева бэйэтин өҥөтүн оҥорор баҕа санаалааҕын эппитигэр, нэһилиэк депутаттарын Сэбиэтигэр көрүллүбүтэ уонна көҥүл ылбыта. Сайдыылаах Намҥа маннык өйдөөх-санаалаах ыччат үксүүрэ барыбытын үөрдүөхтээх”, – диир депутаттар Сэбиэтин председателэ Егор Охлопков.
Харысхан Попов